Page 214 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 214
тан көмөлөһүннэрэн, илин Аянтан Саха сирин диэки салаллан
иһэрин туһунан эттэ.
— Биһигини иннибитигэр кыырыктаах охсуһуу күүтэр. Бу ох-
суһуу бастакы сиэртибэлэрин — күндү боевой доҕотторбутун
кытта бүгүн биһиги быраһаайдаһабыт, — командующай тимири
тимиргэ охсон эрэрдии кытаанах чаҕаан куолаһа тымныы сал-
гыҥҥа сатарда. — Бу кутурҕаннаах мүнүүтэҕэ кинилэр аһаҕас
хоруоптарын иннигэр туран андаҕайабыт: Саха сиригэр Со-
ветскай былааһы самнары үктээн, кыһыл Россияны кыайаары
иһэр Пепеляев генерал суолугар биһиги, Кыһыл аармыйа ба-
йыастара, саха норуотун кытта бииргэ илии илииттэн ылсы-
һан, сарын сарынтан даҕайсан, тулхадыйбат ньыгыл таас хайа
буо лан туруохпут! Үрүҥнэр сэриилэрин үнтү сынньыахпыт! Ол
туһугар биһиги, өлбүт доҕотторбут курдук, олохпутун даҕаны
биэрэрбитин кэрэйиэхпит суоҕа! Андаҕайабыт!..
— Андаҕайабыт!.. Андаҕайабыт!.. Андаҕайабыт!.. — сүүһүнэн
ыстаал ыстыык өрө кыырайда.
Ити кэнниттэн тылы Россия Коммунистическай (большевик)
партиятын обкомун секретара Максим Кирович Аммосов ылла.
Бу киэҥ эрилкэй харахтаах, сэргэх, сырдык сирэйдээх, эрчим-
нээх, сытыы туттуулаах, намыһах соҕус, бэйэтигэр сөрү-сөп
эттээх-сииннээх киһи, көрө түстэххэ, хайдах эрэ эдэр хотойу
санатара. Бу билигин даҕаны, төһө да ыар кутурҕаны көхсү-
гэр сүгэн турдар, кини тыл этээри, уҥуоргу мырааны одуу-
луурдуу, күөрэччи туттубут төбөтүттэн чигдигэ бигэтик, тирэм-
мит хаатыҥкатын тумсугар тиийэ — бүтүн бэйэтэ бүтүннүүтэ
уоттаах охсуһуу төлөнүнэн, кэнэҕэски кыайыы сардаҥатынан
куустаран турарга дылы. Аммосовтаах Ойуунускай саха дьа-
даҥылара саамай киэн туттар, ытыктыыр, таптыыр дьонноро
этилэр. Кинилэр ааттара саха дьонун сүрэҕэр «сэбиэскэй»,
«бассабыык», «хомуньуус» диэн тыллары кытта дьүөрэлэһэн
киирэрэ. Кинилэр ааттара ити тыллардыын биир өйдөбүллээх
курдуктара.
Максим Кирович инники атыллаата уонна чуор, дьэҥкэ
куолаһынан саҥаран барда. Кини Коммунистический партия
кыра омуктары социальнай, экономическай уонна колониаль-
най батталтан босхолоон, кинилэргэ чэлгийэ үүнүү, барҕара
сайдыы киэҥ эркээйилээх суолун тэлэйбитин аҕынна.
— Чэрдээх илиилээх үлэһит аймах дьолун иһин дьиҥнээхтик
охсуһар аан дойдуга суос-соҕотох партия — Коммунистичес-
кай партия — баар, — диэтэ кини. — Бары норуоттар чулуу
дьонноро кини кыайыылаах кыһыл знамятын анныгар түмсэл-
214