Page 211 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 211

дантскай  хамаанда  турдулар.  Бэтэрээтэх,  өрүс  диэки,  пар-
         тийнай,  комсомольскай,  советскай  тэрилтэлэр,  рабочайдар
         коллективтарын, үөрэх заведениеларын колонналара субурус-
         тулар. Кытыы диэки куорат олохтоохторо тоҕуорустулар.
            Томмот, педтехникумун знамятын хараара аҥайар иин диэ-
         ки нуоҕатан, колоннатын иннигэр хамнаабакка турда. Болуос-
         сат ньим уоһуйда. Арай тыһыынчанан киһи тыынара бытархан
         тымныылыын аалсан кырылыы сыыгыныыр.
            Эмискэ куорат кииниттэн таҥара дьиэтигэр кэлэн анньыл -
         лар уулусса диэкиттэн духовой оркестр көмүү маршын кутур-
         ҕаннаах дорҕооннорун дьүрүһүтэн ньиргийдэ. Ол кэмҥэ мун-
         нук  эргиириттэн  ыстыыктаах  сааларын  санныларыгар  сүкпүт
         кыһыл армеецтарынан арыалдьыттанан кыһыл, хара таҥаста-
         рынан  эриллибит  дуҕалаах  үрдүк  томскай  аттар,  сыарҕала-
         рыгар  мэлдьи  күөх  харыйа  лабааларынан  тулаламмыт  мас
         хоруоптары  тиэйэн  таҕыстылар.  Аттар  кэннилэриттэн  Саха
         сирин  партийнай,  советскай  тэрилтэлэрин  салайааччылара,
         сэбилэниилээх  күүстэрин  командующайа,  воинскай  чаастар
         командирдара  иһэллэр.  Оркестр  киһи  сүрүн-кутун  эймэһитэр
         энэлгэнин ортотугар хоруоптары, сэрэнэн көтөҕөн, иин атты-
         гар анал үрдэлгэ уурталаатылар.
            Томмот  хараҕа  ол  хоруоптарга  хатанна.  Бэтэрээтэх  диэ-
         ки  эдэркээн  бэйэлээх  саха  уолчаана  сытар.  Томмоттооҕор,
         арааһа, балыс, уон сэттэ-уон аҕыс саастаах быһыылаах. Өссө
         да  оҕотук  ып-ыраас  сирэйэ  кубарыйа  таастыйбыт.  Сааһыгар
         дьүөрэтэ суох модороон, улахан илиилэрин уолуга абырахтаах
         түрүкүө  сонун  дуомун  хам  туттубуттуу  түөһүгэр  хардары  уур -
         бут. Быыкайкаан эрдэҕиттэн үлэҕэ эриллибит, тиһэх мүнүүтэ-
         тигэр диэри түбүгүрбүт илиилэр быһыылаахтар. Oho тиэрии-
         лээх, онон-манан хара чуоҕурдаммыт, элэйбит ынах этэрбэс-
         тээх.  Этэрбэһинэн  дьүүллээтэххэ,  кыһыл  сэрии  кэккэтигэр
         син балачча сылдьыспыт, кыһыҥҥы тайҕаҕа кутаа абыраллаах
         төлөнүгэр  элбэхтэ  сыраллыбыт  чинчилээх.  Оо,  эдэригэр  да
         өлөөхтөөбүт. Ол эрээри ахсааннаах да сыл олордор, төрөөбүт
         норуотун көҥүлүн, дьадаҥы аймах кэрэ кэскилин иһин өрөгөй-
         дөөх охсуһуу дьолун билэн аастаҕа…
            Иккис  хоруопка  доҕорунааҕар  арыый  аҕа  эрээри,  эмиэ
         сүрдээх  эдэр  нуучча  уола,  сибилигин  утуйбут  киһилии,  сүр
         сымнаҕас  бэйэлээхтик  туттан  сытар.  Мэктиэтигэр,  уоһун  кы-
         тыытыгар көрдөөх мичээр саспыкка дылы. Буспут сэлиэһинэй
         умнаһыныы сап-саһархай ньалака баттаҕа салгын хамнаатаҕын
         аайы аргыый ибирдиир. «Ээ, доҕоттоор, кэбис, түксүҥ…» диэ-

                                                                      211
   206   207   208   209   210   211   212   213   214   215   216