Page 208 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 208
Чугаһынааҕы кэлииккэни хараҕын кырыытынан көрөн ыла-
ыла, Томмот олбуор истиэнэтин диэки хайыһан турда. Бачча
түптэлэс тымныыга бу тыал хайыта сыспыт эргэ кумааҕыларын
бэркэ наҕылыйан ааҕа турар сахаҕа өгдөс уҥуохтаах хатыҥыр
уолу киһи, бука, дьиибэргии көрүө эбитэ буолуо. Онуоха эбии
дьыл баччатыгар киһини соччо наҕылыппат даҕаны таҥастаа-
ҕа: атаҕар тиирэ кэтиллибит саары этэрбэстээҕэ, соролообут
тииҥ тириитэ саҕа сыыстаах кылгас сиэрэй суппуун сонноо-
ҕо, хата, сэргэх соҕус куобах тыһа бэргэһэлээҕэ. Ону баара,
бу уол бэргэһэтин сыҥааҕын быатын бааныахтааҕар өссө өрө
сэгэччи анньыммыт. Салгыҥҥа сиэппит хара бараан сирэйин
хаана тэтэрбит, сэргэхтик көрбүт-истибит, хара көмөр хараҕа
дьэрэлийэ чоҕулуйбут. Бытааны да тиэтэтэр, сыылбаны да
сыыдамсытар абытай тымныы бу эдэр киһини букатын даҕа-
ны тумнубукка дылы. Уол, төһө да сирийэн аахпыта буоллар,
ити эргэ кумааҕыларга адьас наадата суоҕа. Кини соруктанан
кэлбитэ атын этэ.
Томмот хараҕа аны олбуор аллараа өттүгэр салыбырыыр
инньэ быһайыҥҥытааҕы театр афишатын сарымтаҕар халба-
рыйда. Кини бу афишаны хаста-хаста аахпыта эбитэ буолла
(уулуссаҕа соҕотоҕун хайдах таах туруоххунуй, кэм тугу эмэ
гыммыта буоллаххына сатанар). Онон кини ити афишаҕа туох
диэн бэчээттэммитин көрбөккө да этэр кыахтаах: «Якутскай
народнай театра. 1922 сыллаахха, атырдьах ыйын 25 күнү
гэр, пятницаҕа. ХАРА МЭҤ. Үс оонньуулаах пьеса. Прейоберг
суруйуута. Режиссёр Рахманов. Париктары оҥордо Боксер.
Оонньууга кытталлар: Рахманов, Гайдук, Трофимов, Булан
кин, Мухин, Рахманова уо. д.а. Киэһэ лоп курдук 7 чаастан
саҕаланар. Спектакль кэнниттэн сарсыарда 4 чааска диэри
ҮҤКҮҮ. Духовой оркестр оонньуур. Миэстэлэр сыаналара: 1,
2, 3, 4 эрээттэр — 15 муунта арсаанай бурдук; 5, 6, 7, 8 эрээт
тэр —10 муунта, 9, 10, 11, 12 эрээттэр — 8 муунта, 13, 14,
15 эрээттэр — 5 муунта, галлерея — 4 муунта…»
«Сарсыарда 4 чааска диэри үҥкүү…» Кырдьык, ити кэмҥэ
Дьокуускай соҕурууттан кэлбит кыһыл сэриилэр көмөлөрүнэн
үрүҥ бандьыыттар төгүрүктээһиннэрин тоҕу тыыллыбыта. Уһун
кыһыны быһа куораты уот уобуруччунан иилээбит, ардыгар,
бэл, кытыы уулуссаларга тиийэ киирэ сылдьыталаабыт бан-
дьыыттар этэрээттэрэ үнтү сынньыллыбыттара. Аһа-таҥаһа,
сэбэ-сэбиргэлэ суох, кыһыл Сибииртэн, кыһыл Россияттан эрэ
буолбакка, бэйэтин улуустарыттан да быстан олорбут Якут-
скай холкутук тыына түспүтэ. Ол кэмҥэ аҕыйах муунта арсаа-
208