Page 212 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 212
битинэн сытарыгар имиллибит гимнастёркатын көннөрүнэн
аллара тардыалаамахтаабытынан сибилигин сулбу ыстанан
туран кэлиэххэ айылаах… Суох, төһө да өйүнэн өйдөөбүт иһин,
итиччэ эдэркээн бэйэлээхтэри билигин бу тоҥ иин мэҥиэс-
тиэ ҕэ диэни киһи итэҕэйиэ суоҕун курдук. Олохторун саҥар-
дыы саҕалаан эрэр ити үтүөкэн уолаттар уонна өлөр өлүү...
Суох, суох, суох!.. Томмот эдэр туҥуй сүрэҕэ бу иннигэр көрөр
ынырык чахчытын ылыммакка, ону уларытыан баҕаран, санаа-
тыгар, түөһүн муҥунан кыланарга дылы гынна. Кини, халтаһа-
тын сабыан иккэрдигэр бу барыта уларыйа охсуо, түүл буолан
сүтэн хаалыа диэбиттии, хараҕын симэн ылла. Суох, бары-
та чахчы. Барыта… Уолаттар… Иин… Ханнык хара санаалаах
хаан наах илиитин көтөхпүтэ буолуой бу барахсаттарга?.. Көр-
сүбүт киһи уун-утары ол сидьиҥниин кыргыһыы хонуутугар!..
Үйэттэн үйэ тухары мөлтөөбөт-ахсаабат сүлүһүннээх өс-саас
буоллун киниэхэ, кини курдуктарга бүүс-бүтүннүүлэригэр!..
— Табаарыстар…
Томмот уу-чуумпуга дуорайбыт бүтэҥи саҥа диэки көрө
түстэ. Саха сирин ревкомун бэрэссэдээтэлэ Платон Алексее-
вич Ойуунускай — боростуой тимир кылдьыылаах ачыкы нө-
ҥүө санаарҕабыллаахтык, уйаҕастык көрбүт, кубархай иҥнээх,
суптугур сэҥийэлээх, намчы, куйа көрүҥнээх, хатыҥыр киһи —
иин чугаһыгар чөмөхтөһөн турар дьонтон инники тахсыбыт.
Кини ити тылы этэн баран, хоруоптарга сэргэстэһэ сытар са-
халаах нуучча уолун диэки умса көрөн чочумча саҥата суох
турбахтаата.
— Табаарыстар… — диэтэ кини иккиһин иһиллэр иһил-
либэттик, бүтэҥитик, онтон кыратык сөтөллөн баран, төбөтүн
өрө көтөхтө, знамяларын санньыппыт дьон кэккэлэрин эргич-
чи көрдө. Уонна, куолаһа улам чөллөрүйэн, саҥаран барда. —
Доҕоттор! Кыһыл аармыйа байыастара! Гражданнар итиэннэ
гражданкалар! Бүгүн биһиги манна уһуктубат уһун ууларын
утуйбут икки боевой доҕорбутун аны хаһан да төннүбэт тиһэх
айаннарыгар атаарар кутурҕаннаах митиҥҥэ муһуннубут, Саха
хамначчытын уола Хабырыыс Хаптааһап Сэбиэскэй былааһы
сүрэҕинэн-быарынан ылынан, өйдөөн, бу былааһы көмүскээри
илиитигэр саа-саадах туппута. Ол сылдьан уодаһыннаах өс-
төөх сибиньиэс буулдьатын аһылыга буолла. Оттон кини доҕо-
ро — Петроград рабочайын уола Миша Иванов Нева өрүс кы-
тылыттан Сибири устатын тухары өрөбөлүүссүйэ өстөөхтөрүн
урусхаллаһан, ыраах Саха сиригэр кэлэн олоҕо быһынна. Бу
саха дьадаҥытын самныбат саргытын, кэрэ кэскилин туһугар
212