Page 207 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 207

ныыра.  Хата,  кыратык  утуйар  киһи  абыраныа,  үлэни-хамнаһы
         ордук  үмүрүтүө  этэ  диирэ.  Ол  аньыытыгар  буолуо,  утуйар  уу
         диэн  күндүтүн  бу  дьылларга  дьэ  бэйэтин  этинэн-хаанынан
         биллэ. Утуйбат диэн баар эбит бу күн сиригэр саамай улахан
         сор.  Бу  да  киэһэ  Аргыылап  уута  кэлэн  быстыбата.  Хараҕын
         симнэр эрэ урукку, билиҥҥи кэм туһунан, ииссибит илим кур-
         дук, ииччэх-бааччах санаалар сүтэ-сүтэ күөрэйэн кулахачыһан
         бараллар.  Ол  ахсын  халтаһата  улам  ыпсыспат  буолан  кэлэр.
         Оһох уота бүтээтин кытта тас аан диэки мурун хаһыҥыраата.
         «Били баҕайы төбөтүн сыттыгар даҕайыа эрэ кэрэх, — Аргыы-
         лап хамначчытын сөҕөн дуу, мөҕөн дуу чыпчырынан кэбистэ. —
         Ити күтүр туох санаалаах буолан утуйбакка эрэйдэниэй? Хаа-
         рыаны!..»
            Итинник  бэйэтэ  да  сөбүн  эрэйдэнэ  сыттаҕына,  аны  улаҕа
         диэки суорҕана дьигиҥнээн барда. Киҥэ холлон сытар оҕон-
         ньор, абатыйан, орон түгэҕин тоҥоноҕунан хаһыйбахтаата.
            — Өссө тугуҥ тутах буолан сыҥыргыы сытаҕын? Эмиэ кыыс-
         кын  санаан  ытаан  ыгыллаҥнаатыҥ  дуо?  Куттаныма:  кыыскын
         туох да сиэ суоҕа. Бэркэ муҥутаатаҕына, эргэ барыаҕа. Хата,
         уолгун санаа. Өлбүтэ-тыыннааҕа биллибэт уолгун. Кини туһу-
         гар таҥараттан көрдөс. Ол туһалаах буолуо!..
            Суорҕан ньим барда.


                                  Төрдүс түһүмэх
            Бүгүн күнүс икки чааска Якутскайга, Марат болуоссатыгар,
         өрүс уҥуор үрүҥ бандьыыт илиититтэн өлбүт икки кыһыл ар-
         мееһы көмүү буолар диэн педагогический техникумҥа үөрэҕи
         эрдэ бүтэрдилэр.
            Томмот  Чыычаахап,  техникум  иккис  курсун  үөрэнээччитэ,
         студеннар  олорор  уопсай  дьиэлэригэр  тиийэн  кирпииччэ  кэ-
         риэтэ кыбыс-кытаанах, ньып-ньыгыл хара килиэби сылбархай
         чэйинэн илитэн кум-хам ыстаан ыйыһынна уонна доҕотторут-
         тан  арыый  хаалан  таһырдьа  таҕыста.  Кини  Красноармейскай
         уулуссанан  аа-дьуо  хааман  иһэн  муннукка  тохтоото.  Аны  ким
         эмэ  хараҕар  түбэһээйэбин  диэн  сэрэхэчийэн  тула  өттүн  кы-
         лап-халап  гынан  ылла.  Туманныра  дьыбарсыйбыт  уулуссаҕа
         билэр киһитэ көстүбэккэ дылы. Кэтит саппыйаан курунан ыга
         тардыммыт, кылгас маҥан бараан соннорун кытта соччо дьүө-
         рэлэспэт  хороҕор  коммунарка  бэргэһэлэрин  тууна  бааммыт
         икки кыһыл армеец тэҥҥэ кычырҕаччы хардыылаан, уулуссаны
         ортотунан аастылар. Кинилэр кэннилэриттэн мууһунан килэччи
         тоҥмут сыарҕалаах уу баһар оҕонньор нэлбиҥнэттэ.

                                                                      207
   202   203   204   205   206   207   208   209   210   211   212