Page 204 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 204

Ааҕыы, сэһэргэһии

                                  КИҺИ БИИРДЭ ОЛОРОР
                      (икки кинигэлээх арамаантан быһа тардыы)

                                    Маҥнайгы түһүмэх
                Кыһыҥҥы кылгас күн киэһэрэн, им сүтэн барда. Уһуга-му-
             ҥура  биллибэт  халыҥ  тайҕаны  соҕурууттан  хоту  хайа  солоон
             түһэр  Амма  өрүс  көҕөрө  тумарыктыйбыт  хаардаах  сыһыыла-
             ра  суһуктуйдар  суһуктуйан,  уҥуоргу  хара  тыаны,  күлүгүрбүт
             халлааны кытта силбэһэн, боруора симэлийэн истилэр. Тыаһа
             суох  үөмэн,  чугаһаатар  чугаһаан  испит  барык  улам  хойдон,
             харааран,  уһун  субурҕа  мырааннары,  өрүс  туналы  маҕан
             иэнин, бөлкөй талахтардаах кытыллары, аппалары, томтордо -
             ру, сыһыынан сыыйыллар киэҥ айан суолун бүтүннүүтүн ыйыс-
             тан кэбистэ. Бу орто аан дойдуга субу саба халыйан сири-хал-
             лааны силбэһиннэрбит хараҥаттан, киһи тыынын-быарын тум-
             нарар бытархан тымныыттан ураты туох даҕаны суоҕун курдук.
             Арай илиҥҥи мыраан анныгар, сыһыы хонноҕор, хараара баг-
             дайбыт балаҕан үөлэһинэн түүтэх кыымнар өрүтэ ыһыахтанал-
             лар.  Хамнаабат,  халыҥ  хараҥа  олору  даҕаны,  үөлэстэриттэн
             ыраатыннарбакка, сабыта тутан киэҥигэр кистээн иһэр.
                Тымтар  тымныылаах  им  балай  киэһэ  өссө  ордук  хабараан
             тымныылаах бүтэй хараҥа түүнүнэн солбуллара чугаһаата.
                Үөлэс кыымнара аҕыйыылларын саҕана балаҕан хаһаайына
             Миитэрэй Аргыылап оҕонньор таһырдьа таҕыста. Кини бэргэ-
             һэтин кулгааҕын сэгэтэн тэлгэһэҕэ, ат баайар сэргэ аттыгар,
             чочумча иһиллээн турбахтаата. Туох да биллибэт, им-ньим. Ан-
             тах, дал диэки эрэ, сылгылар хаамсан куучурҕаһаллар. Оҕон-
             ньор балаҕан иннигэр барыһан турар ампаардарын күлүүстэ-
             рин тардыалаан көрүтэлээтэ. Урут дьиэ-уот хатыылааҕар дуу,
             суоҕар дуу соччо кыһаныллыбат буолуллара. Аны киһи күлүүһү
             даҕаны эрэммэт кэмэ кэллэ. Аан дайды атыйахтаах уу курдук
             аймаммыта түөрт-биэс сыл буолла. Ол тухары, сарсыҥҥы күнү
             мин чахчы көрүөм диэн, киһи иннин кыайан быһа этиммэт үлү-
             гэрэ  түбүлээтэ.  Билигин  даҕаны  уруккулуу  нус-хас  олох  өтө -
             рүнэн эргийэр чинчитэ биллибэт быһыылаах. Аҕыйах сыллаа-
             ҕыга диэри Аргыылап оҕонньор улахан атыы-тутуу, кэлии-ба-
             рыы  ааныгар,  Ньылханныыр  суол  чугаһыгар,  олоробун  диэн
             астына  саныыра.  Манна  балаҕанын  түһэриммит  эһэтэ  оҕон-
             ньору, «ырааҕы эргитэ саныыр кырдьаҕас эбит» диэн, иһигэр
             хайгыыра. Онтуката бу сылларга букатын атыннык көрөн таҕыс -

              204
   199   200   201   202   203   204   205   206   207   208   209