Page 199 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 199

гин  хараҕын  астар  эрэ,  сылбах  хаарыгар  халыйбыт  кыа  хаа-
         ны, сэймэктэммит курупааскылары көрүөххэ айылаах. Оо, кини
         тоҕо эрдэ уолга этэн өрүһүйбэтэҕэй? Юра даҕаны хайдах са-
         наата кэлэн ити кэрэ бэйэлээхтэр сүрэхтэрин кыҥыы турара
         эбитэй? Тоҕо аһыммата сүрэй…
            — Кырдьык этэҕин дуо?
            — Кырдьык, Лира, кырдьык. Бэйэҥ даҕаны көр.
            Лира,  сэрэнэн-сэрэнэн,  сылбаҕы  көрдө.  Кырдьык,  туох  да
         суох: кыа хаан даҕаны, сэймэктэммит курупааскы даҕаны. Сох-
         соҕордоох этэҥҥэ барбыттар. Аны сэрэхтээх буолуҥ, барах-
         саттар!..
            — Хайа,  Юра,  хайастыҥ?  —  чугас  соҕустан  Аласов  саҥата
         иһилиннэ.
            — Ээ  суох,  сыыстым,  —  Юра  аат  харата  хардарда  уонна,
         саа тын  таҥнары  сүгэн  баран,  тайаҕынан  иннин  диэки  ан-
         ньынан кэбистэ.
            Лира буруйдаммыт быһыынан кинини саҥата суох батыста.
         Халыҥ  соҕус  хара  мастаах  тыаны  ааһан,  сыыр  тэллэҕэр  кэл-
         лилэр. Оол, сыыр үрдүгэр, үс бэс дьондоһон тураллар. Онно
         түмсүөхтээхтэр.
            — Лира, мин тайахпыттан тутуһуоҥ дуо?
            — Суох. Ытын. Ыттан ис.
            Сыыр  быарыгар  Аласовтаах  Нина  хайыы  үйэ  кэлэн  күүтэн
         тураллар  эбит.  Сотору  Сашалаах  кэллилэр.  Вера  Сашаҕа
         сиэт тэрбит.  Иккиэн  көлөһүн  аллыбыттар,  аҕылаабыттар.  Уол
         үл лэ кыыһырбыт.
            — Вераны  бэйэҕит  ылыҥ!  —  диэтэ  кини,  көлөһүнүн  сот-
         то-сотто. — Состорон сор хааммын сордоото. Ыарахана дии-
         бин диэн: дьоҕойон, аччыгыйа балтараа тонна баар курдук.
            — Таба тирэммэт дуу, тугуй? — Аласов ыйытта.
            — Таба  тирэммэт  ээ,  муҥар.  Дьиибэтигэр,  өсөһөн  төттөрү
         тардар!
            — Ээх, биир кыыһы кыайан сиэтэн таһаарбатаҕын, кыбыс-
         тыбакка, кэпсэнэ турар ээ. Эр киһи буолларгын, «ээх, эй» дэп-
         пэккэ, ньылбы соһон таһаарыаҥ этэ! Ээх, дьэ, рыцарь! — Вера
         дэлэгэйдик күлэн сатарытта. — Эһиги тугу ыттыгыт?
            — Курупааскылары  сыыстыбыт,  —  Юра  Лира  диэки  көрөн
         аһарда.
            — Хата, мин Сашам табыа этэ, — Вера уолугар хайыста. —
         Оннук дуо, Саша?
            Уол, хардарбакка, буугунаан кэбистэ.

                                                                      199
   194   195   196   197   198   199   200   201   202   203   204