Page 195 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 195
гэр өйөөбүт. Тиит буоллаҕына кинини икки имигэс лабаала-
рынан сэмэйдик, тапталлаахтык күөйэ кууспут уонна, арыычча
нөрүччү туттан, хахыйах кулгааҕар нарын тыллары сибигинэ-
йэргэ дылы…
— Чуумпутуун! — диэтэ Вера. — Ол аарыма тииттэр туох
эрэ дириҥ түүлү түһүү турар курдуктар. Оҕолоор, тыа мастара
кыһын өлбөттөр буолбат дуо? Өлбүт мас саас тиллибэт. Ол
аата көҕөрөр мас өлбөт. Оччоҕо утуйар буоллаҕа дии? Бии-
тэр букатын да утуйбата дуу? Эн санааҕар, Нинкаа! Аа, Нин-
каа? — кыыс, саҥарбатын иһин, дьүөгэтин сирэйин өҥөс гынан
көрдө. — Эмиэ ырааппыт… Саша, эн санааҕар, хайдаҕый?
Нина санаата кырдьык тэлэһийэн турар: инньэ уруут-урут,
быыкайкаан кыысчаан сылдьан истибит остуоруйаларын,
олоҥхолорун эйгэлэрин эргийэ көтөн кэлэн, ити халыҥ хара
тыа иһигэр киирэн хаалла. Ити көннөрү ойуур буолбатах —
дьикти ойуур, араас алыптаах-албастаах, кэпсэммэт кистэ-
лэҥнэрдээх, таайыллыбат таабырыннардаах ойуур. Ити уста-
та-туората көстүбэт улуу тыа ортотугар кыһына суох эргиччи
самаан сайыннаах, түүнэ суох мэлдьитин күндэлэс күннээх
уйгулаах унаар сыһыылар бааллар. Ол сыһыылар килэрийэр
киин нэригэр, дьогдьойор саалларыгар көй бараан күндү көмүс
уоруктар күлүмүрдэһэллэр. Ити кэрискэ тииттэри, үрдүк хал-
дьаайыны ааһа түстэххэ, антах, күн улууһун көмүскээччи, айыы
аймаҕын араҥаччылааччы олоҥхо бухатыырдара утары тахсан
уруйдуу көрсүөхтэрэ. Ол бухатыырдар ортолоругар биир эдэр
(соччо эдэрэ да суох диэххэ дуу?) бухатыыр баар буолуо. Кини
Нинаҕа чуо хааман кэлэн, дириҥник сүгүрүйэн баран, илиитин
биэриэ… Кини биир киһиэхэ олус маарынныыр буолуо. Маа-
рынныа да дуо, ол киһи илэ бэйэтэ буолуо. Атына диэн кылгас
баата сонун оннугар үс хос үрүҥ көмүс куйаҕы килэччи кэппит,
хайыһар тайаҕын оннугар өргөстөөх үҥүүнү туппут буолуо…
— Чэйиҥ, барыаҕыҥ, — диэтэ Аласов.
Хатыҥнары быыһынан иһирдьэ киирдилэр. Аласов балачча
барбахтаан баран тохтоото.
— Оҕолоор, аны үһүс кылаабынай усулуобуйа — үчүгэй
булчут буолар туһугар булт үөрэҕин баһылыахха наада. Ити
үөрэх бэйэтэ туспа учебниктаах. Ол учебнигы ичигэс дьиэ иһи-
гэр олорон сатаан үөрэппэккин, тайҕаҕа сылдьан, тымныыга
тоҥон, буурҕаҕа үлүйэн, элбэхтик эрэйдэнэн үөрэтэҕин, —
диэ тэ Аласов уонна бөлкөй талахтар анныларын ыйда. — Тай-
ҕа учебнигын биир страницата бу арыллан сытар. Ааҕыҥ эрэ!
195