Page 191 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 191
хараҥа. Иннигэр тииттэр биир кэлим хара истиэнэ буолан
көстөллөр. Ол да буоллар, халлаан буһуруктуйа быһыытыйан,
сулустар, көҕүспүттүү, утуу-субуу умуллан бардылар. Арай
илин уорҕаҕа Чолбон эрэ хаалан, Аласовы ойоҕолоон, тииттэр
быыстарынан эккирэтэн истэ.
Сергей Петрович, сэрэйбитин курдук, бэҕэһээ дьиэтигэр
ыкса киэһэ кэлбитэ. Оҕолор хомуллан, аттанан-таймаланан
барбыттара ырааппыт этэ. Кини, кэлэн аһаат, тута Нэтээги-
лээххэ ааһаары тэриммитин ийэтэ көрдөһөн хоннорбута: «Кы-
ра оҕолор гыннаххыный, хайа, уонна Лука оҕонньор дьаһай-
талыа».
Бэҕэһээ оҕолор айаҥҥа тэриллэллэригэр дэриэбинэни
букатын аймаан кэбиспиттэр: ыһыы-хаһыы, ырыа-тойук, көр-
нар бөҕө үһү. Ол быыһыгар ытаһыы эмиэ баар үһү. Ийэлэрэ
кыргыттарын ыытымаары дьирээлэспиттэр: «Булт буолан!
Булт дьахтар идэтэ дуо?» Үнүрүүн бастааҥҥы дьүүллэһиигэ
уолат тар эмиэ инньэ диэбиттэригэр кыргыттар айдаан бөҕөнү
түһэрбиттэрэ. Дьахтар эр киһилиин тэҥ бырааба, Аҕа дой-
ду сэриитигэр аатырбыт снайпер кыргыттар, Сэбиэскэй Со-
йуус Верховнай Советын депутатынан быыбардана сылдьыбыт
Саха сирин биллиилээх дьахталларын ааттара эҥин барыта
ахтыллыбыта. Бэҕэһээ кэлэн уолаттар бары кыргыттар ха йаан
да булт идэтин баһылыыллара наадалааҕын дакаастыы сатаан,
тылларын ууһа бараммыт. Ол да үрдүнэн хас да кыыһы ийэ-
лэрэ ыыппатахтар. Икки кыыс оройуон киинигэр балыыһаҕа
көрдөрө киирэр ийэлэрин фермаҕа солбуйар буоланнар хаал-
быттар. Оҕолору тэрийэн атаарыыга дэриэбинэ дьоно бары
кэриэтэ кыттыбыттар: ким таһаҕас кэлгиспит, ким булт сэбэ
уларсыбыт, ким көннөрү тылынан сүбэлээбит. «Эчи, бу оҕолор
былыргыны санаттахтара, — дэһиспиттэр кырдьаҕас дьон. —
Былыргы комсомолецтар бу курдук тэриллэн сааланан-саа-
дахтанан айанныыр этилэр…»
Аласов хатыҥ чараҥы быһа түһэн, алаас саҕатыгар киирээ-
тин кытта, иннигэр субу чугас үөлэстэр кыымынан ыһыахтан-
нылар.
— Туох ааттаах булчуттаргытый бу күн баччатыгар диэри
аһаан-сиэн бүппэт?! — диэн, кини мөҕүттүбүтэ буолан хаһыы-
таабытынан дьиэҕэ киирдэ.
— Оо, Сергей Петрович! Сергей Петрович кэллэ! Оҕолоор,
Сергей Петрович! — диэн, аһаары тэринэн эрэр оҕолор ха-
һыытаһа, үрүө-тараа буола түстүлэр. Учууталларын тула үмүө-
рүстүлэр, сорох сүгэһэрин уһулла, сорох сонун, үтүлүгүн тар -
191