Page 188 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 188

луум — эн да туоруоҥ этэ. Итэҕэйэбин — хайаан да туоруоҥ
             этэ! Онон, Лухачаан, миигин мөҕүмэ: итии хааннааххын, тэбэр
             сүрэхтээххин  диэн  киһини  хайдах  сэмэлиэххэ  сөбүй!  Хата,
             сүөһүлэрбитин быыһаатыбыт диэн үөр. Итинтикэлэриҥ аҕыйах
             сылынан хас эмэ сүүһүнэн талыы ынах буолан, үөскээн-үксээн
             туруохтара эбээт. Уонна, Лухачаан, эн биһикки өлө сатыахпы-
             тын  —  өссө  да  эрдэ.  Аны  уон  биэс-сүүрбэ  сылынан  хайдах-
             таах курдук кэрэ олох кэлиэҕэй! Онтон анараа өттүгэр олохпут
             хайдах  курдук  дьиктитик  уларыйан  иһиэҕин  киһи  санаан  да
             санаата тиийбэт. Ол кэлэр олоххо холоотоххо, биһиги урукку
             олохпут ынырык түүл кэриэтэ буолуоҕа. Лухачаан, биһиги өссө
             ол  уйгу  олоххо  тиийэн  олорсуохпут.  Өлөргө  тиэтэйимэ.  Өлөр
             ханна да куотуо суоҕа…
                Ити түүн киһим букатын бара сыспыта. Тыына хаайтарара,
             иэритэн сөтөлүннэрэрэ, сирэйдиин-харахтыын көҕөрө өлөн ба-
             рыталыыра. Дьэ онно эрэ киһим итэҕэлэ суоҕун, бу манна сы-
             тан куһаҕан буолан хаалыаҕын билиммитэ быһыылааҕа. Биир-
             дэ,  сөтөлө  арыый  холкутаппытыгар,  тоҥхой  диэн  илиитинэн
             имнэнэн  баран,  тыынын  бопторо-бопторо,  өрүһүспүт  курдук
             кулгаахпар сибигинэйбитэ:
                — Луха-а… Доҕоруом, иһит… Өйдөө… Олоҕу, өлөр күн кэл-
             лэҕинэ,  кэмсиммэт  гына  олоруохха  наада.  Бар  дьон,  норуот
             дьолун  туһугар  охсуспут,  үлэлээбит  эрэ  киһи  үчүгэй  олоҕу
             олордум  диэн  сөп…  Онтон  атыннык  олорбут  киһи  син  биир
             үөн-көйүүр, сүөһү курдук олорон ааспытын кэриэтэ… Киһи бар
             дьоҥҥо туох эмэ туһалааҕы, кэскиллээҕи, үйэлээҕи оҥоруох-
             таах… Бу күн сиригэр киһи үөскээн ааһар үрдүк анала — ити!..
             Лухачаан,  биһиги  даҕаны  өйбүт  тиийэринэн,  күүспүт  кыайа-
             рынан бар дьоммут туһугар үлэлии-хамсыы сатыыбыт буолбат
             дуо?  Ити  барыта  суола  суох  сүтүө,  умнуллуо  суоҕа…  Үтүө,
             үчүгэй  сураҕа  суох  сүтүөх,  умнуллуох  туһа  суох…  Кэнэҕэски
             ыччаттар  биһиги  кинилэр  көҥүллүк  үүнэр-сайдар  суолларын
             солообуппутун,  кинилэр  кэрэ  кэскиллэрин  иһин  охсуспуппу-
             тун, эрэйи-муҥу көрбүппүтүн истиҥ махталынан ахтыахтара…
             Ити билигин акылаатын түһэрэн эрэр оскуолабытыгар үөрэнэр
             оҕолор  хойутун-хойут  биһиги  ааппытын  ытыктабыллаахтык
             ааттыахтара…  Бэйэбит  суох  буолбуппут  да  иһин,  биһиги  ки-
             нилэри кытта сылдьыһар курдук буолуохпут… Онтон атын буо-
             луох  туһа  суох…  Үтүөнү  өйдүүр,  кэрэни  кэриэстиир  көлүөнэ
             эрэ  үрдүк  аналга  тиксэр  дьылҕалаах.  Биһиги  кэнники  көлүө-
             нэлэрбит онтон атын буолуох тустара суох… Лухачаан, норуот
             өйүгэр  өйдөбүл  буолан  хаалар  киһи,  ама,  бу  орто  дойдуга

              188
   183   184   185   186   187   188   189   190   191   192   193