Page 190 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 190
үтүөкэннээх дьон тыыннарын толук биэрбиттэрин, буулдьа
аһылыга буолан, хоргуйан, үлүйэн, ыалдьан өлбүттэрин туһу-
нан, ама, өйгүтүгэр оҕустаран ылбат муҥҥут буолуо дуо?! —
оҕонньор саҥаран истэҕин ахсын тыла-өһө уорданан-кылын-
нанан барда. — Биитэр сир-дойду айыллыаҕыттан сэбиэскэй
былаас, холкуос, маннык олох баара буолуо дии саныыгыт дуу?
Өйдүөхтэрин өйдөрө тиийбэт диэҕи, өй да, үөрэх да баһаам
дьоноҕут. Сааскыт да элбэх. Эһиги сааскытыгар былыр мин,
хамначчыт уол, таһаҕас тиэйсэн Тайҕалаһар буоларым… Дьэ
уонна хайдах итинниккитий? Алыс бэлэмҥэ таралыйдыгыт! Ол
иһин!.. Үчүгэй аҕайдык кирдиэлэтэн, үөрэтэр-такайар дьоҥҥут
суох. Учууталларгыт — өһүргэнэр буоллахтарына өһүргэннин-
нэр! — кинигэҕэ туох суруллубутун эрэ кэпсииллэр. Ол иһин!..
Аҥаардас кинигэнэн үөрэнэр кэлтэгэй соҕус ини. Санаан да
көрдөххө, олох арааһа, эгэлгэтэ барыта хайаан кыайтаран
кинигэҕэ тиһиллиэй!.. — Оҕонньор, остуолугар төттөрү кэлэн
баран, олоппоһугар олорбокко, төбөтүн хоҥкутан, остуолтан
тайанан турда. — «Биһигини махтана ахтыахтара… Ааппытын
ытыктабыллаахтык ааттыахтара» диэбитэ Лэгэнтэй… Онтуката
ити баар!.. «Лэгэнтэй Бөтүрүөп диэн кимий?» дэһэллэр… Оо,
дьэ!.. Бу Сэргэйдээх — оҕонньор түннүк аттыгар олорор Ала-
сов диэки кэҕис гынна, — биэньиэр, хомсомуол сылдьаннар
Кыымаптаах, Бөтүрүөптээх уҥуохтарын мэлдьитин көрөр-истэр
буолаллара… Кэлин оҕолор онно тиийбиттэрин, тоҕо эрэ, ис-
тибэтим… Буолумуна, «туох киһи этэй?» дии сылдьаннар онно
тиийиэхтэрэ дуо?! «Кимий?» Айахтарыгар батаран ыйыталлар
ээ!.. — оҕонньор эмиэ быыппастыах курдук гынан иһэн тутун-
на, Аласовка эргиллэн аа-дьуо эттэ: — Сэргэй Бөтүрүөбүс,
баалаама, бу дьоҥҥун кытта мантан ордук кэпсэтиэхпин са-
наам кэлбэт. Барыыһыкпын… Үгүһү-элбэҕи үөтэрэ иликкэ…
Дьоҥҥуттан хомойдум… хоргуттум… Чэ, түксү…
Оҕонньор, ааҥҥа тиийэн, тугу эрэ этиэх курдук эргиллэн
баран, саҥата суох турбахтаат, сапсыйан кэбистэ уонна тах-
сан барда.
Кылаас иһигэр киһи өйүгэр, сүрэҕэр ыар баттык буолан
түһэр курас, хаҕыс чуумпу дьиппиэрэн турда. Аласов, Лука
оҕонньору атаара тахсыахха дуу диэн баран, ол чуумпуну кэ-
һиэ ҕин кэрэйэн, хамсаабакка олорон хаалла.
41
Тирии бүрүөһүннээх мултугур кэтит туут хайыһар хаарга
батыллыбакка улгумнук сыыйыллар. Ойуур иһигэр өссө да
190