Page 194 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 194

кы модьуйуута — чуумпу. Айдаарбакка сылдьыахтааххын, тыа-
             һа суох хаамыахтааххын.
                — Оо,  оччоҕо  мин  хаһан  да  булчут  буолуом  суох,  —  Вера
             суламмыта  буолла.  —  Киһи  саҥарбакка  хайдах  сатаан  сыл-
             дьыай?  Арай  Нинаттан  ааттаах  булчут  тахсыыһык.  Кини  күнү
             быһа саҥарбакка сылдьыан сөп.
                — Иккиһэ  —  булчут  булт-алт  уйатын,  тыаны-тайҕаны  кытта
             истиҥник доҕордоһуох тустаах.
                — Бу хам тоҥон, чоҥкуйан турар тыаны кытта дуо? — Вера
             итэҕэйбэтэхтии саҥа аллайда.
                — Омос көрөргө эрэ хам тоҥмут курдук. Үчүгэйдик билис-
             тэххэ,  бодорустахха,  букатын  атын,  —  Аласов  кырдьык  би-
             лиһиннэрэн  эрэрдии,  далайан  кэбистэ.  —  Көрүҥ,  үчүгэйдик
             көрүҥ.
                Оҕолор  чуумпуран  тула  көрдүлэр.  Кинилэр,  тайҕа  ортоту-
             гар  үөскээбит  дьон,  бачча  саастарын  туолуохтарыгар  диэри
             кыһыҥҥы тыаны, ама, көрөн аххан биэрдилэр ини. Ол тухары
             дөйүөрэ тоҥмут тыаҕа киһи хараҕа иҥниэҕэ туох да баар дии
             санаабаттар этэ. Бу да сырыыга кинилэр көрө үөрэммит хар-
             тыыналарыттан ураты тугу даҕаны бэлиэтии көрбөтүлэр.
                — Көрүҥ!  Үчүгэйдик  көрүҥ!  —  дии  турда  учууталлара.  —
             Хараххытынан  эрэ  буолбатах,  өйгүтүнэн,  сүрэххитинэн  кытта
             көрүҥ!
                Оҕолор өс киирбэх тулаларын одууластылар.
                Бэттэх, алаас саамай саҕатыгар, хомурах хаартан өрө үүнэн
             тахсыбыкка дылы кылбаа маҥан хатыҥнар, намчы лабааларын
             намылытан,  нусхайан  тураллар.  Кинилэр  кэтэхтэригэр  баай
             хара  тииттэр,  күлүктээх  көхсүлэригэр  көмнөх  хаары  бүрүнэн,
             өргөс чыпчаалларынан үрдүк халлааны күөнтээн кэккэлээбит-
             тэр.  Антах,  соҕуруу  өнньүөс  диэки,  хагдарыйары  билбэт  ха-
             рыйалар  көҕөрүмтүйэ  хараараллар.  Дьиибэ  баҕайы:  оҕолор
             одуулаһан истэхтэрин ахсын, урут кинилэргэ биир кэлим хара
             истиэнэ  кэриэтэ  көстөр  тыа  хас  биирдии  маһа  улам  ураты-
             тыйан, туспатыйан көһүннэ. Хас биирдии тиит, хатыҥ, харыйа
             тус бэйэтэ туох эрэ анал кистэллээх, анал кэпсээннээх курдук
             буолла…
                — Көр  эрэ,  —  диэн  сибигинэйдэ  Лира  уонна  Юраҕа  хахы-
             йахтаах  эдэр  тиит  ойуччу  иккиэйэх  ыкса  үүнэн  туралларын
             ыйан көрдөрдө.
                Хахыйах,  оонньоон  куота  көтөн,  алаас  диэки  сүүрэн  иһэн,
             кылбаҕар  сототун  ортотугар  диэри  халыҥ  хаарга  батыллан,
             ситтэрэн,  будьурхай  төбөтүн  эдэр  тиит  хатырыктаах  түөһү-

              194
   189   190   191   192   193   194   195   196   197   198   199