Page 198 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 198

рий? Онон, төһө да куһу-хааһы сиҥнэрбэтэҕин иһин, Юра бэ-
             йэтин  син  орто  баайыы  кусчут  киһинэн  ааҕынар.  Ол  гынан
             баран  дьэ  бу  илиилиин-атахтыын  тэтиҥ  сэбирдэҕинии  тити-
             рэстиирэ хаһан ааһыах бэйэтэй? Чэ, салҕалаатын да хайаатын.
             Бачча  чугастан  баҕас  ити  курупааскылары  сыыспат.  Иккиэн-
             нэрин  хапсыччы  ытан  ылыа.  Чугаһынан  саа  тыаһыы  илик.
             Бастакы  булт,  арааһа,  киниэхэ,  Юраҕа,  тигистэ  быһыылаах.
             Чугасаһан эрэллэр… өссө…
                Лира  уол  ыйбытын  хоту  көрбүтэ  —  сүүрбэччэ  хаамыы  хо-
             лобурдаах  сиргэ  хаар  үллүйбүт  сыгынаҕын  икки  уһугар  икки
             курупааскы олорор. Эчи маҥаннарын! Эчи ыраастарын! Тыаһы
             иһиллээн,  хончойон  олорбохтуу  түһээт,  уоскуйдулар  быһыы-
             лаах, быыкайкаан атахтарын сыыһынан, үҥкүүһүттэр кэриэтэ,
             биллэ-биллибэттик,  сыыдам-сыыдамнык  дугуммахтаан,  ута-
             рыта бардылар. Биирдэстэрэ моонньо сохсоҕор соҕус — уол
             быһыылаах, биирдэһэ ордук нарын, дьоҕус — кыыс муҥнаах ха
             дылы.  Туттара-хаптара  даҕаны  чэпчэки,  намчы,  симик.  Сох-
             соҕоро,  киниэхэ  холоотоххо,  кэм  дьорҕоот.  Сыгынах  ортоту-
             гар тиийэн, утарыта көрсөн, чочумча тохтоотулар. Онтон сох-
             соҕор  —  эр  хаанын  ылынна  быһыылаах  —  утары  атыллаата
             уонна дьүөгэтин кулгааҕар сыста түһэн, тугу эрэ сибигинэйдэ.
             Чахчы  үчүгэйи,  кэрэни  сибигинэйдэ.  Дьүөгэтэ  ол  сибигинэ-
             йиит тэн уйулҕата хамсаата, сылаанньыйда, уулунна. Нап-нам-
             чы тумсун дуомун кини көп түүтүн иһигэр кистээтэ… Ити чахчы
             таптал  кэпсэтиитэ  быһыылаах.  Барахсаттар,  тапталгыт  дьол-
             лоох буоллун! Сохсоҕор, дьүөгэҕин хаһан да атаҕастаамаар!..
             Көрдөһөбүн!.. Лира, санаатыгар аралдьыйан турбахтаан баран,
             Юра саатын маһын иэдэһигэр тириэрдэн эрэрин хараҕын кы-
             рыытынан көрөөт, сүр улаханнык хаһыытаабытынан уол илии-
             тигэр түстэ:
                — Ытыма-а-а! Ытым-а!..
                Саа тыаһа өрө бурҕалынна. Дарабыыналар тоҥ тииттэр төр-
             гүү мутуктарын суйдаан табыгырастылар.
                — Ытым-а-а! Ытым-а!
                Юра кыыс кэҥээбит, аймаммыт хараҕын, ытыахча буолбут
             сирэйин көрөн соһуйда.
                — Туох буоллуҥ? Лира, туох буоллуҥ?
                Лира буоллаҕына сирэйин саба туттан кэбистэ:
                — Өлөрдүҥ дуо? Киэр буол! Истэҕин дуо: киэр буол!
                — Суох, Лира, таппатым. Эн илиибэр түһэҥҥин, сыыһан кэ-
             бистим ээ, — Юра ботугураата. — Көтөн бардылар.
                Лира тоҥ тииккэ өйөнөн, хараҕын симэн турда. Кини били-

              198
   193   194   195   196   197   198   199   200   201   202   203