Page 197 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 197
да. — Курупааскылартан куттанан… охтон түстэ… Веркаа,
тыыннааххын дуо?
— Уой, сүрэҕим хайда сыста… Эмискэччи үлүгэр… атаҕым
анныттан… Күлүмэ, туруор…
Сотору, Сашалаахтан көппүт курупааскылар быһыылаах,
Аласовтаах иннилэринэн кылбас гынан аастылар.
— Юра, курупааскылар эһиэхэ бардылар, — Сергей Петро-
вич аргыый саҥарда.
— Көрдүм… Иннибит диэки ыраах түстүлэр.
Юра саатын илиитигэр тутан, хас сыгынах, талах аннын,
мас лабаатын ааҕа көрө иһэр. Хараҕа булт имэҥинэн төлөн-
нүрбүт, имэ тэтэрбит. Арыт тохтоон, кулгааҕын чөрбөтөн иһил-
лиир, сылбах аннын өҥөҥнүүр. Лира эмиэ, булт чугаһыттан
долгуйан, сэрэниэҕинэн сэрэнэн хаама сатыыр да, хайыһара
кэм окко-маска иҥнибитэ, мутугу, амынньыары тосту үктээн
тыас таһаарбыта баар. Ол ахсын Юра сэмэлиирдии эргиллэн
ылар. Барбахтаатылар да, курупааскылар көстүбэтилэр. «Ааһа
көппүт эбиттэрэ дуу» диэх курдук санаан иһэн, Юра сыа хаарга
саҥа суоллары көрө түстэ.
— Лира, бу барбыттар, манна чугас буолуохтара, — уол
ситэн кэлбит кыыска сибигинэйдэ. — Тыаһаама, кытаат.
Иккиэн эмиэ сыбдыйыахтарынан сыбдыйдылар. Лира сүрэ-
ҕэ инньэ сүүсчэкэ хаамыылаах сиртэн иһиллиэххэ айылаахтык
биллиргиир. Хараҕа хайдах эрэ ирим-дьирим. Туох барыта
эйэ ҥэлээн көстөргө дылы.
— Көр эрэ, көр… Ол!.. — Юра, суон тиит күлүгэр сөрүөстэн
туран, ибигирэс уоһунан сибигинэйдэ. — Ол сылдьаллар. Хол-
боон баран…
Уол саатын санныгар тирээтэ. Илиитэ салҕалыырын тохтото
сатыы-сатыы, саатын тимирин тииккэ өйөөтө. «Тугун үлүгэрэй
салҕалыыра? Аны Лира көрүө… Бары-барыта улахан булт буо-
лан!» диэн Юра дьиибэргии да, кыһыйа да санаата. Ити бул-
ду-алды сиҥнэрэн көтөхпүт-сүкпүт киһилии аанньа ахтыбатах
кэриэтэ тылластар да, дьиҥэ, Юра мутугунан быраҕар муҥур
үйэтигэр баччааҥҥа диэри мыынар курупааскытын даҕаны
аҕыйахта саа сыалыгар киллэрэн харахтаатаҕа буолуо. Ол
эрээри кинини булка төрүт сыһыана суох киһи диэн саныыр
эмиэ олус баттыгастаах буолуоҕа. Кини буолбатаҕына, оччоҕо
ким саас аайы бастакы куһу кэтэһэн, аанньа утуйбакка, уруо-
гун оҥорбокко кэлэн учууталлартан мөҥүллэр? Кини буолба-
таҕына, оччоҕо ким ыам ыйын тымныы түүннэригэр «Дьулаҥ»
чалбаҕын манаан, ыт оҕотун курдук ырдьаччы тоҥон титирии-
197