Page 200 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 200

— Чэйиҥ, үөһэ ыттыаҕыҥ! — Аласов тайаҕын хаартан сулбу
             тардан ылла.
                Алтыан, кэккэлээн, өрө таҕыстылар. Тиһэх үктэли атыллаан,
             сыыр  үрдүгэр  дабайан  тахсааттарын  кытта,  эмискэ  сырдык
             бэйэкээннээх күн уота кинилэр бүтүн бэйэлэрин бүтүннүүлэ-
             рин саба кууһан ылла уонна кинилэр соһуйбут, сөхпүт харах-
             тарыгар  киһи  тылынан  да,  кыраасканан  да  сатаан  ойуулаа-
             бат уон араас кустук өҥүнэн оонньуур дьиктилээх хартыыната
             арылла түстэ.
                — Үчүгэйкээниэн! — элбэх, түргэн саҥалаах муҥутаан, Ве-
             ра саҥа аллайда.
                Ким да итинтэн ордугу кыайан булан эппэтэ.
                Бары саҥата суох одуулаһан турдулар.
                Күтүр бэйэлээх күн, халыҥ тайҕа үрдүгэр тахсан, субу күл-
             тэйэн турар эбит. Илиитин ууммут киһи кини кып-кыһыл иэдэ-
             һин  имэрийэн  ылыах  айылаах.  Сир-халлаан  бүтүннүүтэ  сар-
             даҥарбыт,  күлүмүрдээбит,  мичиҥнээбит.  Мантан,  үөһэттэн,
             көрдөххө,  дьулугур  бэстэр,  кылбары  хатыҥнар,  дьоһун  тиит-
             тэр, өһөс харыйалар — бука бары күнү көрсө, сыыры таҥнары
             сырсан иһэргэ дылылар. Бары үөрбүттэр, сэгэспиттэр. Үрдүк
             бэстэр  өссө  үрдээн,  дьондойбукка  дылы  буолбуттар.  Мааны
             хатыҥнар  туртаҕар  субалара  өссө  эбии  туртайбыт,  сырдаа-
             быт.  Тымныы  тумарыгын  кыйдыы  охсубут  халлаан  уһуга-тү-
             гэҕэ биллибэттик көҕөрө мэндээрийбит. Сир-дойду бүтүннүүтэ
             эмиэ сардаҥалаах сарсыарда эргийбититтэн үөрэргэ-көтөргө,
             бу үтүөкэн сарсыарданы үүннэрбит күлүм-чаҕыл күнү эҕэрдэ-
             лиир гэ,  кини  олоҕу  ууһатар  айылгылаах-аптаах  сырдыгын
             айхаллыырга дылы.
                Аласов  эмиэ  оҕолортон  итэҕэһэ  суох  сөҕөн,  таптаан  одуу-
             лаан турда. Ханнык да кэм бэйэтэ ураты үчүгэйдээх буолааччы.
             Ол эрээри сарсыарда саҕа кэрэ, ама, туох баар үһү! Сарсыар-
             да  —  кини  адьас  кыра  оҕо  эрдэҕиттэн  абылаппыт  абылаҥа.
             Итиниэхэ  сибээстээх  биир  өйдөбүл  кини  сүрэҕэр  сүппэттик
             иҥэн сылдьар. Кини өссө оскуолаҕа киирэ илигинэ, сэттэлээх-
             хастаах эрдэҕинэ, сайыҥҥы сарсыарда ийэтэ «ынахта хомуйа
             бар»  диэн  уһугуннарбыта.  Өлө  утуйа  сытар  Сергей,  хайыай,
             сүрэҕэлдьээн  сыҥааҕырдыы-сыҥааҕырдыы  туран,  баккытын
             сыыһын кэтэн, сайылык сыһыытынан сүүрэн бэдьэйэн испитэ.
             Ол  иһэн,  тулатын  көрө  түспүтэ,  доҕоор,  эҥин  эгэлгэ  өҥнөөх
             сибэккилэр  биистэрэ  күндү  таас  симэхтэри  иилинэн  баран,
             сарсыардааҥҥы  күн  сардаҥаларын  кытта  дьиримнэһэ  оон-
             ньооботохтор үһү дуо! Бу кини күн ахсын тиҥилэҕинэн тиби -

              200
   195   196   197   198   199   200   201   202   203   204   205