Page 205 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 205
та. Бу суолунан түүн-күнүс аарыгырар кыһыллар саа бырыкы-
лаатынан дибдигирэйэн атын, аһын-үөлүн тутан бардахтарын
ахсын аны былыр үйэҕэ өлбүт эһэтин үөхсэн кыбдьыгырыыр
идэлэннэ: «Түөһээҥки ак-каары! Суол ааныгар ордууламмыт
буола-буола!..»
Аргыылап ол-бу диэки олоотоон эмиэ иһиллээмэхтээтэ уон-
на тугу эрэ күүппүт курдук эргичиҥнээтэ. Туох эрэ итэҕэскэ
дылы. Туох? Оҕонньор умса көрөн турбахтаата итиэннэ дьэ өй-
дүү түстэ. «Ээ, сөп!.. Били барахсаным… Баһырҕаһым… Киэһэ
ахсын бу курдук апмаардарым күлүүһүн көрө таҕыстахпына,
ойон кэлэн икки илин атаҕынан түөспэр чарбачыйан эккэ лиир
буолаахтыыра…» Аргыылап хараҕын кырыытынан ампаар мун-
нугун диэки хараарар ыт уйатын көрөн ылла. Итиннэ били-
гин кураанах. Үнүрүүн эмиэ көлө, ас көрдөөн дибдигирэйбит
кыһыл саллааты уйатыттан сулбу ойон тахсан, түҥнэри көтөн
кэбиспитэ. Онуоха иккис кыһыл саллаат ыт төбөтүн хампы
ыппыта. Оҕонньор онно аны бэйэбин кытта ытыахтара диэн
дьулахачыйбыта. «Баһырҕас эрэйдээх иччибин көмүскэһэбин
диэн өлөөхтөөбүтэ. Ыт акаары дииллэр да, барахсаныҥ ким
кыһылын, ким үрүҥүн, хата, эндэппэккэ билээхтиирэ. Кыһыл-
лар эрэ кэллэллэр, уйатыгар киирэн ырдьыгыныы сытар буо-
лаахтыыра… Үрүҥнэргэ эккэлэс бөҕө этэ…»
«Ээ, чэ!..» Аргыылап, күрдьүккэ баран турбахтаат, балаҕа-
ныгар киирдэ. Балаҕан таһырдьаттан хараҥаҕа эрэ улаатан
көстүбэт, иһирдьэ киирдэххэ да, кырдьык, киэҥ уорук эбит.
Аҕыс саһаан усталаах, биэс саһаан туоралаах толуу бэрэбинэ
балаҕан ортотунан хаппытаалынай истиэнэнэн быыһаммыт.
Бэтэрээ өттө — үрүҥ аҥаар, дьиэлээх тойон бэйэтэ дьонунуун
олорор өттө, анарааҥҥы — хара дьиэ, хамначчыттар, чаҕар-
дар уйалара. Ол дьиэ бэйэтэ кэннинэн таһырдьа тахсар туспа
ааннаах. Ону таһынан өссө тэлгэһэҕэ чугас туруору эркиннээх
балаҕан баар. Онно эмиэ илии-атах дьон олороллор. Үрүҥ
аҥаар хара дьиэ өттүгэр икки хаппахчылаах. Хаппахчылар ик-
киэн анараа да, бэтэрээ да тахсар ааннаахтар. Балаҕан киирэ
түһээти кытта көстөр өттүн түгэҕэ хос ортотугар диэри соҕу-
руокканан быһа анньыллыбыт. Үрүҥ аҥаары икки сирэйдээх
баараҕай бэйэлээх көмүлүөк оһох ититэр эбит. Оһох биир
сирэйэ бэттэх, киирэ түһэр хос диэки, иккиһэ — тойонноох
хотун сытар түгэх хаппахчыларын диэки хайыспыт. Улахан ба-
лаҕан хара аҥаарыгар уонна тэлгэһэтээҕи кыра балаҕаҥҥа
урут аҕыс-сэттэ кэргэн ыга симсэн олорор буолаллара. Ол
аны аҕыйаан турар. Кыһыллар былаастара олохтоноотун кытта
205