Page 209 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 209
най бурдуктаах киһи спектакль көрүөн, сарсыардааҥҥа диэри
үҥкүүлүөн даҕаны сөп этэ.
Томмот ити «Хара мэҥи» көрбөтөҕө. Атырдьах ыйыгар кини
комсомолецтары кытта Бүлүү суолунан тыаҕа тахсан, быйыл
кыһын куорат оттор саһаанын кэрдиһэ сылдьыбыта. Итиэннэ,
баара да буоллар, кини ол хантан ылбыт арсаанайа кэлиэ
этэй?.. Томмот кэлииккэ диэки хараҕын быраҕан ылла. Туох
да биллибэт… Кини эмиэ афишатыгар хайыста. Ол эрээри
биир кэм эргэ афиша сарымтаҕын одуулаан турар соччо та-
была суох буолуоҕун өйдөөн, Томмот олбуору кэриччи көрдө.
Тэйиччи эмиэ кумааҕы туртайар. Уол ол диэки сыҕарыйда.
Хаһыат эбит. «Автономная Якутия». Бүгүҥҥү нүөмэр. Хаһыаты
сыһыарааччылара суох этэ ээ. Бука, туох эмэ улахан наада-
лаах матырыйаал бэчээттэннэҕэ дуу. Уол, төҥкөс гынаат, ха-
раҕа партия обкомун секретара Максим Аммосов илии бат-
тааһыннаах «Сааны-саадаҕы ылыҥ!» диэн инники ыстатыйаҕа
кэтиллэ түстэ.
«Саха норуотун өлөр-тиллэр дьылҕата быһаарыллар кэмэ
кэллэ, — диэн дьэбир, тыйыс тыллартан саҕаламмыт ол ыста-
тыйа. — Хаан утахтаах үрүҥ генерал, Дальнай Востокка урус-
халламмыт контрреволюция тобох күүстэрин хомуйан, Саха
сирин диэки салалынна.
Өстөөх уһуга-муҥура суох эстиигэ-быстыыга, аата-ахсаана
суох өлүүгэ-сүтүүгэ тиэрдээри иһэр.
Алдьархайдаах күн-дьыл тирээтэ — гражданскай сэрииттэн
дьадайбыт, умнаһыттыйбыт, алдьаммыт-кээһэммит Саха сирэ
ити алдьархайы тулуйуо дуо? Саҥа сэрии Саха сирин бүтэһик-
тээхтик эһиэ суоҕа дуо?
Ол иһин билигин биһиги хас биирдиибит долгуйан туран
ыйытабыт: өстөөх кимиитин туруулаһан көрсөрүгэр, кинини
үнтүрүтэригэр уонна төрөөбүт кыраайыттан киэр үүрэригэр,
ама, саха норуотун күүһэ тиийиэ суоҕа дуо? Саха норуота
Автономиятын көмүскэлигэр, ама, бүттүүн биир киһи курдук
турунуо суоҕа дуо?
Автономнай Саха сирин революционнай былааһа ыҥырар:
«Бука бары сааны-саадаҕы ылыҥ». Ааҕан истэҕин ахсын Том-
мот тоҕо манна турарын умнан, букатын атыны санаан, бука-
тын атынтан долгуйан барда. Бу дороххой саһарымтыйар ку-
мааҕыга бэчээттэммит строкалартан кини сүрэҕэр кыырыктаах
кыргыһыы уота-төлөнө биллэргэ дылы гынна.
Томмот ыстатыйа тиһэх строкаларын тобулу көрөн турбах-
209