Page 217 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 217

хары» (1967 с.), В. Яковлев «Өрүстэр кирбии лэригэр» (1969 с.). Ман-
         на 60-с сыллардаахха бүтүн сэбиэскэй уопсастыбаҕа «ириэрии» диэн
         ааттаммыт  кэмҥэ  киһиэхэ  лиичинэс  быһыытынан  интэриэс  күүһүр-
         бүтэ көстөр. Литератураҕа саҥа дьоруойдар киирбиттэрэ, киһи уйул-
         ҕатын дириҥник хорутан ойуулааһын күүһүрбүтэ. Ол курдук Софрон
         Данилов  «Сүрэх  тэбэрин  тухары»  арамаана,  омос  көрдөххө,  хаһан
         баҕарар  буо ларыныы,  үлэ  арамаанын  (производственнай  арамаан)
         курдук. Ол эрээри суруйааччы айымньыта уопсастыбаҕа бара турар
         уларыйыылары көрдөрбүт дириҥ ис хоһоонноох уонна дьоруойдарын
         уйулҕаларын арыйар дириҥ психологическай хорутуулаах буолан, со-
         нун айымньы буолбута. Софрон Данилов саха литературатыгар саҥа
         сүүрээни саҕалаабыта, кини олохтообут үгэстэригэр хас да көлүөнэ
         эдэр прозаиктар үөрэммиттэрэ, кини кэнниттэн эдэр ааптардар киһи
         уйулҕатын  хамсааһынын,  бары  дэгэтин  көрдөрөргө  дьулуспуттара.
         Саха прозатын балысханнык сайдыыта саҕаламмыта, кини литерату-
         раҕа инники күөҥҥэ тахсыбыта.
            70-с  сыллардааҕы  арамаан  иккис  хайысхатынан  историко-рево-
         люционнай  жанрга  интэриэс  күөрэйиитэ  буолбута.  Ол  курдук  суру-
         йааччылар  историческай-революционнай  хабааннаах  арамааннарга
         иккистээн төннүбүттэрэ, ол эрээри атын таһымҥа тахсыбыттара, кэм
         бэлиэтэ манна эмиэ биллибитэ. Ол курдук А. Сыромятникова «Кыыс
         хотун»  (1970—1973  сс.),  С. Данилов  «Киһи  биирдэ  олорор»  (1973—
         1975  сс.),  Болот  Боотур  «Сааскы  дьыбардар»  (1971  с.),  Л. Попов
         «Тоҕой  Сэлэ»  (1976—1978  сс.),  И. Гоголев  «Хара  кыталык»  (1977—
         1987 сс.), Болот Боотур «Уһуктуу» (1975—1987 сс.) уо.д.а. арамаан-
         нарга  устуоруйаны  уонна  киһини  ойуулааһыҥҥа  лиризация  уонна
         психологизм,  этнографизм,  мифологизм  көстүүлэрэ  күүһүрбүттэрэ.
         Уонна  олох  уларыйыытын  кэмигэр  биирдиилээн  дьон  олоҕо  хайдах
         салаллыбытын, саҥа олохтонон эрэр Сэбиэскэй былааһы дьон хайдах
         ылыммытын эмиэ киһи уйулҕатын ойуулааһын нөҥүө арыйбыттара.
                                               В. Б. Окорокова, М. П. Попова


         Аах. Бил. Туһан

            1. Васильева Д. Е. Проза Софрона Данилова. — Якутск, 1989.
            2.  Софрон Данилов туһунан ахтыылар / М. Е. Данилова хому­
               йан оҥордо. — Дьокуускай, 1996.
            3. Филиппов Г. Г. Алаас уола. — Дьокуускай, 2018.











                                                                      217
   212   213   214   215   216   217   218   219   220   221   222