Page 221 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 221

Били сэһэнин дьоруойун аатын буларын эҥин Максим умна
         оҕуста. Куорат таһын көрүҥэ кинини аралдьытта. Арай эмискэ
         Максим  тохтоото,  уҥа  илиитинэн  чарапчыланан  иннин  тоно-
         луппакка одууласта, долгуйан, айманан, биир сиргэ тэпсэҥнии
         турда, киһи кэлэн мэһэйдиэ диэбиттии, тула көрбөхтөөтө, аны
         чарапчыламмакка одууласта.
            Хайдах курдук дьолуй, үөрүүнүй! Куораттан суол устун соҕо-
         тох эдэр кыысчаан түргэнник хааман иһэр. Ити кини, Ира иһэр!
            Максим  Ирата!  Хаамардыын,  туттардыын  үүт-үкчү.  Тоҕо
         бэр дэй,  Максим  тэһэ  астаран,  субу  билигин  хонууга  хаама,
         салгын сии тахсыбыта, томторго баран испитэ. Билбит, таай-
         быт курдук! Дьылҕа оҥоһуута буоллаҕа.
            Чахчы Ира эбит. Оо, үөрүү, оо, махтал!
            Кинилэр  хонуу  ортотугар  киэҥ  суолга  көрүстүлэр.  Кыыс
         эмиэ ыраахтан билэн мичээрдээбит, түргэнник хааман утары
         кэлэр:
            — Дорообо,  Максим,  киһини  куттаатыҥ,  тоҕо  суолга  соҕо -
         тох турдуҥ? — диэн, субу аҕай соторутааҕыта өр бииргэ сыл-
         дьан баран иккиһин бу алҕаска көрсүбүт курдук, Ира эһэ тар-
         дан  намчытык  саҥарда.  Ити  бэйэ  киһитинии  истиҥ  көрсүһүү
         тыллара Максимы өссө дьоллоотулар, ол онон букатын тылыт-
         тан матардылар. Арай ыган-ыган, эппитэ диэн:
            — Дорообо, Ира…
            Кыыс маҥан кырса тыһа бэргэһэлээх, уһун хара плюш сон-
         ноох,  кумааҕы  угар  кыра  хара  бартыбыаллааҕынан  дайба-
         нар. Оҕуруолаах тыс этэрбэһэ кинини киэргэммит көрүҥнүүр.
         Итиннэ эбии тэтэркэй имнээх сирэйдээх, арылхай харахтаах,
         кырааската суох обуйук уостаах эдэркээн кыыс күлүм мичээ-
         рин,  түөһүн  түгэҕиттэн  тахсар  лыҥкынас  саҥатын,  оонньуу-
         лаах көрүүлэрин. Ити кыыс эн өрдөөҕүттэн таптыыр кыыһыҥ,
         «бэйэҥ  Ираҥ»  буоллун.  Оччоҕо  өйдүөххүт  Максим  Мандаров
         соһумар толору дьолун, үтүмэн үөрүүтүн. Кини хаһан эмэ көр-
         сүөм  диэн  ыраланар  таптыыр  кыыһа  субу  баар,  кини  түһээн
         көрөрүн, санаатыгар биэбэйдиирин курдук кэрэ, кырасыабай,
         эйэҕэс.
            Кинилэр аа-дьуо сэргэстэһэ хаамтылар, Максим хараҕын өр
         сыл  аҥаардастыы  таптаабыт  кыыһыттан  араарбат,  наар  ми-
         чил аллайар уонна тугу да булан кыайан эппэт. Кини ахтыбыт
         сүрэҕин муҥура суох үөрүүтүн көннөрү тылынан хайдах даҕаны
         этиэн билбэт. Саҥарар даҕаны наадата суох. Таптыыр киһиэхэ
         тыл букатын суолтата, кыаҕа суох буолан хаалар.
            Ира биир кэм чобуотук саҥара истэ:

                                                                      221
   216   217   218   219   220   221   222   223   224   225   226