Page 219 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 219

Ааҕыы, ырытыы

                             ТАПТЫЫР ХАРАХПЫНАН
                           (арамаантан быһа тардыы)

                                       * * *
            Лекция  кэнниттэн  Максим  Мандаров  уопсай  дьиэтээҕи
         хоһугар биир студентан нуучча тылын методикатыгар конспе-
         гын уларсан устан, өр олорбохтоон, сылайан баран арыылаах
         хара килиэптээх чэйин иһээт, аны ааҕан барда. Тыаһыт «Кууһу-
         ма»  диэн  кинигэтэ  түбэстэ,  бастакы  сахалыы  «роман»  диэн
         суруктаах айымньы этэ.
            Ити  кинигэттэн  сиэттэрэн  кини  бэйэтэ,  баҕар,  эмиэ  кэп-
         сээн,  сэһэн  суруйуон  сөбүн,  ол  сэһэнэ  Гражданскай  сэрии
         дьоруойун  туһунан  буолуохтааҕын  эҥин  аттаран  саныы,  тап-
         чааныгар  тиэ рэ  түһэн  сытта.  Кини  сытан  эрэн  ааҕар  идэтин
         хайдах даҕаны сатаан бырахпат. Остуолга олоруоҕу онно ким
         чэйдиир,  ким  конспект  устар,  оттон  Титов  аттынааҕы  хоско
         олорор уолунуун саахыматтыыр, хамсанан табах тардар, айа-
         ҕар  силэ  туолан,  өрө  ханталлыбыт,  көр,  кини  туран  силлээн
         кэлэр солото суох. Ити иһин кинини күлэн сордууллар.
            Оттон Максим ырата ыраах. Кини сотору Фурманов «Кыһыл
         десанын»  тылбаастаан  бүтэриэ  уонна  уталыппакка  бэйэтин
         сэһэнин  суруйан  саҕалыа.  Сэһэнин  геройун  суостаах  кыһыл
         разведчик, кини дьикти, бэлиэ ааттаах буолуо. Жан Вальжан,
         Тигээйи  курдук.  Ким  диэн  ааттыахха  сөбүй?  Уустук  сюжеты,
         дьоруой аатын булбут киһи мүччүргэннээх сырыылары тиһил-
         лиэ этэ.
            Манна  киһи  төбөтө  сынньыллар,  саахыматчыттар  бочоот-
         тоһон  турдулар  —  Титов  силлээн  кэллэҕэ.  Кеша  Захаров  со-
         руйан доргуччу ааҕар, кулгааҕын хам туттан олорор; икки саа-
         һырбыт студент, урут түсүһэ-түсүһэ, колхоз олоҕун быһа-хото
         дьүүллүүр куолулара киирбит.
            Ким Чахов Куйаарыскайдыын быһа аҥнан, ханыы тардыһан,
         баанньыктаабыттара.
            Салгыҥҥа тахсан, санаа саныахха, сөрүүн салгыны кымыс-
         тыы  эҕирийиэххэ,  онтон  институт  библиотекатыгар  тиийэн,
         Фурмановын сэһэнин тылбаастыа. Студент күн устата солото
         суох. Күнүҥ уһун да, хайдах да тиийиммэккин — гуманитар буо-
         лар, онон элбэх кинигэни ааҕар, конспект суруйар, лекцияны
         истэр,  ону  таһынан  харчыга  кыһанан  кинигэ  тылбаастыыр  —
         барыта үлэлээх, түбүктээх, сүүрүүлээх-көтүүлээх, уһун олоруу-

                                                                      219
   214   215   216   217   218   219   220   221   222   223   224