Page 181 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 181
руйдаммыт оҕолуу, кэтэҕин сууралаамахтаата. — Бай, доҕот-
тор, кэпсиэх диэтэххэ, эмиэ да эрэдээктээх соҕус эбит ээ!..
Лэгэнтэй, эдэр сааһыгар өллөр даҕаны, умнуллубат олоҕу оло-
рон ааспыта. Ону сиһилии суруйдар, ити оҕо кинигэтинээҕэр
(инники паартаҕа олорор кыыс тутан олорор кинигэтин ыйда)
халыҥ кинигэ да тук буолара биллибэт. Хонук хонон, күн өрөөн,
сыта-тура кэпсээбит киһи ситэри кэпсиирэ эбитэ дуу, суоҕа
дуу. Дьэ, мин бу билигин эһиэхэ тугу ойо тардан ылан кэпсиэх
бэйэкэбиний?.. Уонна ол соҕотох мин кэпсээним диэн… Мин
билбэтим да үгүс буолуоҕа… Эһиги дьонтон, кырдьаҕастартан
ыйыталаһар буолуҥ. Бээ-бээ… Чэ, мин эһиэхэ үс түбэлтэни
кэпсиим — Лэгэнтэй хайдах миигин үс төгүл өлүүттэн быыһаа-
бытын туһунан…
Лэгэнтэйдиин биһиги биир сайылыкка үөскээбиппит. Кини
миигиттэн балтараа дуу, икки дуу сылынан эрэ аҕа этэ. Былыр
тус-туспа сайылык оҕолоро атыыр оҕустары харсыһыннарар
идэлээх этибит. Биһиги сайылыкка Кытарбаайы диэн уот кы-
һыл дьүһүннээх сүүнэ бэйэлээх оҕус аҥаардастыы аатырара.
Ыаллыы сайылыкка буоллаҕына Суордаайы диэн көмөр хара
дьүһүннээх оҕус сураҕырара. Дьэ, биир күн биһиги ол оҕустары
көрсүһүннэрэргэ үлэстибит. Үлэхтээх кэмҥэ биһиги Кытарбаа-
йыбытын дэлби кыынньаан, киҥин-наарын холуннаран тоһуй -
дубут. Ыаллыы сайылык оҕолоро, Суордаайыларын иннилэ-
ригэр үүрэн, эмиэ ый-хай бөҕөнү түһэрэн кэллилэр. Оҕустары
хайдах харсыһыннарары бэйэҕит да билэр инигит. Оҕустар-
быт бүтүн тоҥ күөс быстыҥа айаатаһан суоһурҕанан, сайылык
түптэлэрин күлүн бүтүннүүтүн бүрүнэн эрэ баран, дьэ, кэмниэ-
кэнэҕэс түсүһэн кэбистилэр. Муостар тыастара лап-лачыгырас
буолла. Биһиги ким хайа сатыырынан — араастаан ыһыытаан,
сарылаан, иһиирэн — оҕустарбытын киксэрэн биэрэ сырыт-
тыбыт. Сүрдээх өр харсыстылар, хайалара да иннин биэрэн
быстыбата. Эт-тирии баранар киирсиитэ буолла. Дьоҕойон
бүтүн өтөх оннун саҕа күөх кырыһы тоҕута тэбинэн, буорунан
типтилэр. Ол ахсын биһиги ыһыыбыт-хаһыыбыт эбии сүрдэнэн
истэ. Санаабытыгар, Кытарбаайыбыт баһыйыах курдук буолан
барда. Онтон, доҕоор, арай Суордаайы сатана эмискэ хайдах
эрэ хадьыс гынна да, биһиги оҕуспутун моонньун ханньары ан-
ньан, кэннинэн чинэриппэхтээтэ. Өлүү түбэлтэлээх, Кытарбаа-
йыбыт, чугуйан иһэн, икки кэлин атаҕынан оҥхой сиргэ үктээн,
бүдүрүйэн биэрдэ. Оччо буолтун кэннэ тулутууһук дуо, Суор-
даайы умса анньан баран, аҕыйахта тобулута түһэн ылла уон-
на, кыайбыт-хоппут быһыынан айаатаан лаҥкыната-лаҥкына -
181