Page 174 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 174

сүс»  диэн  Аласов  көрдөспүтүгэр,  «Көрсүһэн  буолан!  Хаһан
             көрбөтөх  оҕолорбун  кытта…»  диэн,  бэл,  Бахсытов  оҕонньор
             бэйэтэ да соһуйбута. «Мин кинилэргэ тугу кэпсиэхпиний? Би-
             лиҥҥи,  космоһунан  эҥин  иирбит  оҕолор  ол  мин,  сылы  быһа
             ынах кутуругун батыһа сылдьар абааһы оҕонньор, кэпсээммин
             кэрэхсиэхтэрэ  үһү  дуо?»  —  диэн,  бастаан  утаа  кыккыраччы
             аккаастаабыта.  Онтон,  Аласов  туох-ханнык  санааттан  кинини
             ыҥырарын  сиһилии  быһааран  биэрбитигэр,  дьэ,  онно  ылым-
             мыта:  «Үөдэттэр  бааллара,  кырдьык  да,  киһи  кыһыйыах,  со-
             рох  ардыгар  сү-бүгүн  халлаантан  айыллан  түспүт  төрдө-ууһа
             суох  дьоҥҥо  дылы  тутталлар  ээ!  Бу  бүгүҥҥү  кыһалҕата  суох
             олохторо туох да эрэйэ-муҥа суох бэйэтэ тэриллэн-олохтонон
             хаалбытын курдук саныыллар быһыылаах…»
                Алта  уруок  бүтүүтэ  Аласов  көрүдүөр  уһугар  тахсан  турда.
             Кини, аны оҕолор бары тарҕаһан хааланнар көрсүһүүбүт буо-
             луо суоҕа диэн, дьиксинэрэ. Киһи олус аҕыйах чинчитэ билин-
             нэҕинэ, кини онус, тохсус кылаастар оҕолорун чуо этитэлээн
             хааллартыыр санаалааҕа. Муҥ уһукка… Хата, ол дьиксиниитэ
             алҕас  эбит.  Уруок  бүтэн,  үрдүкү  кылаастар  үөрэнээччилэрэ
             мэлдьитин  мунньах  буолар  кылааһын  диэки  тоҕуорустулар.
             Ону көрөн, Аласов, чэпчээбиттии, үөһэ тыынан кэбистэ. Оҕо-
             лор  дьиэлэригэр  тиэтэйбэтэхтэрэ  бэйэтэ  эмиэ  туспа  төрүөт-
             тээх  этэ.  Бииринэн,  маныыһыт  Луканы  кытта  көрсүһүү  —  бу
             бэрт дьикти суол. Ханнык эмэ дьоруойу биитэр, муҥ саатар,
             орденнаах  киһини  кытта  дуу  көрсүһүү  —  маныаха  киһи  дьик-
             тиргиэҕэ туох да суох. Бахсы оҕонньору кытта көрсүһүү, бука,
             бэрт  көрүдьүөс  көрсүһүү  буолуо  ээ!  Дьэ,  бэйэ,  көрүллүө-ис-
             тиллиэ, оҕонньор хайдах туттар, тугу дойҕохтуур эбит. Ынах-
             тарын хайдах маныырын кэпсиэх бэйэккэтэ дуу? Оҕолор бары
             да буолбаталлар, үгүстэрэ итинник дуу, итиннэ маарынныыр-
             дык  дуу  санаабыттара.  Сорохтор,  биллэрии  баарын  үрдүнэн
             барыахтарын кэрэйэн, начаас бүтэр ини дии санаан хаалбыт-
             тара. Иккиһинэн, биллэрии биир тыла оҕолорго адьас ураты-
             тык,  сонуннук  иһиллибитэ.  Урукку  биллэриилэргэ  мэлдьитин
             «ха йаан  да  сылдьыахтаахтар»,  «сылдьаллара  эбэһээтэлинэй»
             диэн  суруллара.  Ардыгар  өссө  күрээбит  дьон  сэмэҕэ  түбэ-
             һиэх тэрэ диэн суоһурҕаныылаах буолара. Оттон бу биллэриигэ
             көрсүһүүгэ сылдьыҥ диэн ыҥырбыттар ээ! Ыххайан туран дуу,
             үтүө тылынан ыҥыран дуу сырытыннарар икки туһа туспа — ол
             баҕас чахчы! Ыҥыртаран баран, хайа киһи күрэнэ туруоҕай!
                Аласов Бахсытовы батыһыннаран, оҕолор мустубут кылаас-
             тарыгар  үөрэ-көтө  киирдэ.  Оҕонньор,  хаҥас  атаҕынан  бил-

              174
   169   170   171   172   173   174   175   176   177   178   179