Page 161 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 161

КЭС ТЫЛ

                                             Тот, кто людям подарит песню
                                                       Эхом её прозвенит.
                                                                    М. Танк
                 Алааскар эн мас үүннэрэн хааллардаххына —
                 Хас саас аайы сэбирдэх буолан тыллыаҥ,
                 Күнүҥ сирин таптаан ыллаабыт буоллаххына —
                 Күн аайы күнү кытта эн тиллиэҥ.

                 Ийэ дойдугар тугу, ханныгы дьайаргынан —
                 Кырыыска да туруоҥ, ырыаҕа да ылланыаҥ,
                 Төрөөбүт төрүт тылгын төһө таптыыргынан —
                 Ой дуораана буолан өлбөт үйэлэниэҥ.

                 Өбүгэлэргин кэриэстээбит эбит буоллаххына —
                 Кэлэр кэнчээри ыччаккар кэрэтик ахтыллыаҥ,
                 Бар дьонуҥ туһугар олорбут эбит буоллаххына —
                 Бар дьонуҥ кэхтибэт кэс тылыгар дуораһыйыаҥ.

                 Алааскар эн мас үүннэрэн хааллардаххына —
                 Хас саас аайы сэбирдэх буолан тыллыаҥ,
                 Күнүҥ сирин таптаан ыллаабыт буоллаххына —
                 Күн аайы, күнү кытта эн тиллиэҥ.


                                     ИТЭҔЭЛ

                           Ыраах тырымныыр уот курдук,
                           Ыраах кытыастар кыым курдук
                           Ыҥырар эрэллээх буолан,
                           Ыҥырар уоту итэҕэйэр буолан —
                           Киһи барахсан кэхтибэт,
                           Кэнчиэтээбэт, эстибэт,
                           Иннин диэки дьүккүһэр,
                           Иҥнибэккэ баран иһэр.

                           Көҥүл олоҕо — иннигэр,
                           Күнэ-күөнэҕэ — иннигэр,
                           Оол-ол көҥүлгэ тиийиэхтээх,
                           Олох уйгутун ситиэхтээх.
                           Ол иһин кини кэхтибэт,
                           Кэнчиэтээбэт, эстибэт,




                                                                      161
   156   157   158   159   160   161   162   163   164   165   166