Page 157 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 157

Самодеятельнай  хампаһыытар  Виталий  Андросов  кэлин  бэйиэт
         икки хоһоонун ырыа оҥорбута өрүү ылланаллар: «Ньургуһуннар», «Күн
         бытархайа».
                             Халаан уутун сүүрүктэрэ
                             Халдьыгырыы уһуннулар.
                             Хойууккатын үүммүттэрэ
                             Халдьаайыга ньургуһуннар.
            Саас  кэлбит  бэлиэтин  —  сүүрүктэр  халдьыгырыы  усталларын,
         халдьаайыга  ньургуһун  үүммүтүн,  этэргэ  дылы,  тыастыын-уустуун,
         көстүүлүүн  түөрт  эрэ  устуруокаҕа  бэйиэт  этэн  кэбистэ.  Салгыы  са-
         йыннаран ньургуһуннар сайылык кыргыттарын санатан, былааттарын
         баанан  кэбиһэллэрин,  ньургуһун  курдук,  бөлөх-бөлөх  мусталларын
         ойуулуур.  Эмиэ  да  биһилэх  кистэһэллэр,  атах  тэпсэллэр,  кыыртаах
         кус буолаллар, бырыычыкалаан саһан хаалаллар. Бу кыра хоһооҥҥо,
         ырыаҕа биһиги оҕо сааспыт, таптыыр оонньууларбыт барыта ахтыл-
         лар. Ньургуһун-кыргыттар уолаттары кэтэһэллэр.
            Дьэ, бу — Баал тыла, Баал уобарастааһына, Баал уратыта!
                                                      Н. Е. Винокуров-Урсун



         Аах. Бил. Туһан
            1.  Г.Г. Вешников‑Баал Хабырыыс. Көннөрү киһи кэпсээнэ. —
               Дьокуускай : ООО «Дани­Алмас», 2018. — 128 с.
            2.  С. Константинова,  В. Г. Семёнова.  Дьону  үөрдүбүт  үтүө­
               кэннээх бэйиэт // Чолбон. 2018. № 4. — С. 48—58.



























                                                                      157
   152   153   154   155   156   157   158   159   160   161   162