Page 153 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 153
күн аайы үөрэ көрсөр киһи өйөсанаата, майгытасигилитэ,
этхаан өттүнэн сайдыыта хайдах буолуон сөбүй?
7. Ааптар өссө күһүҥҥү кэмҥэ анаабыт хоһооннорун ааҕыҥ,
ис хоһооннорун тэҥнээн ырытыҥ.
АНААН ДЬҮҮЛЛЭҺИИ
«Ханнык баҕарар (таптал да, айылҕа да) лиирикэтигэр, өскө
дьиҥнээх бэйиэт суруйбут буоллаҕына, кэм бэлиэтэ хайаан да
баар буолар» — диэн, Сэмэн Данилов суруйан турардаах. Баал
Хабырыыс «Ньургуһуннар», «Күн бытархайа» ырыа буолбут
хоһоонноругар кэм бэлиэтэ көстүүтүн, уратытын быһаарыҥ.
Тыыннаах тыл
y Баал Хабырыыс «Күһүн» хоһоонугар күһүҥҥү айылҕабыт көс түү-
түн ханнык уобарастарынан ойуулаабытын ырытыһыҥ.
y «Түннүгүм аһаҕас этэ» хоһооҥҥо тирэҕирэн, саха омуга олоҕу
таптыырын, олоххо тардыһыытын туһунан бэргэн этиилэрдэ бу-
лаҥҥыт сурунуҥ.
АЙАР, АЙЫМНЬЫЛААХ ҮЛЭ
«Мин күһүнүм» диэн тиэмэҕэ дьүһүйүүтэ суруйуҥ.
Ааҕыы, сэһэргэһии
ТААРЫЙ, ТААРЫЙ ХОМУСКУН!
Ходуһаҕа косилка
Курулуура уурайда.
Талах отуу таһыгар
Торҕо буруо унаарда.
Хоҥкуначчы хоһуйда,
Хоҥор хаастыы саҥарда,
Доҕоччугуом, оҥостон,
Даҕай уоскар хомускун!
Хомсомуоллар, ыччаттар
Хотуурбутун сүктүбүт.
153