Page 154 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 154
Алаас чэл күөх ачатын
Биһи охсон бүттүбүт.
Кырыымпалыыр куоластаах
Кыталыгы санатан,
Нарын, нарын соҕустук
Таарый, таарый хомускун!
Харах ылбат туоралаах
Хадьымалбыт кэҥээтэ.
Бүгүн ордук кыайыылаах
Биригээдэ үлэтэ.
Үтүө мааны доҕорум,
Үрүҥ көмүс туллугум,
Нарын, нарын соҕустук
Таарый, таарый хомускун!
Ходуһаҕа косилка
Курулуура уурайда.
Талах отуу таһыгар
Торҕо буруо унаарда.
Үлэ, таптал дьолунан
Сүрэхтэри долгутан,
Нарын, нарын соҕустук
Таарый, таарый хомускун!
1946 с.
СҮРЭҔИМ ТЭПТЭҔИЭН
Массыына тыаһаабат,
Хотуур да ыллаабат.
Үлэбит уурайда,
Үрэхпит чуумпурда.
Тырымныы түстүлэр
Түннүктэр уоттара.
Ынах ыан бүттүлэр
Ыанньыксыт кыргыттар.
Сэгэрим кэлиэ диэн,
Суол диэки көрөбүн.
Сүрэҕим тэптэҕиэн,
Бэйэм да сөҕөбүн!..
154