Page 149 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 149

ГАВРИИЛ ГРИГОРЬЕВИЧ ВЕШНИКОВ—БААЛ ХАБЫРЫЫС
                                  (1918—1969)


            Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии
         иннинээҕи аҕай сылларга саха литера­
         туратыгар киирбит уонна кэлин улахан
         биллиилээх  суруйааччы  буолбут  дьон
         кэккэтигэр Г. Г. Вешников­Баал Хабы­
         рыыс киирсэр. Кини отуттан тахса сыл
         устатыгар  айбыт  бастыҥ  ырыалара,
         хоһоонноро,  бэйиэмэлэрэ  төрөөбүт
         литературабытын байыппыттара.
            Баал  Хабырыыс  1918  сыллаахха
         муус устар ыйга Уус Алдан оройуону­
         гар  Кур буһах  нэһилиэгэр  төрөөбүтэ.
         Омос көрдөххө, кини олоҕо соччо үгүс
         биллэр­көстөр сабыытыйалара суохха
         дылы. Гавриил төрөппүттэрэ тиийиммэт­түгэммэт буоланнар,
         хойутаан,  1930  сыллаахха,  оскуолаҕа  киирбитэ.  Тыаҕа  сэттэ
         кылаастаах  оскуоланы  бү тэрэн,  Дьокуускайдааҕы  педагоги­
         ческай  училищеҕа  үөрэммитэ.  Онтон,  биир  сыл  кинигэ  из­
         дательствотыгар  үлэлээн  баран,  педагогическай  институкка
         үөрэнэ сырыттаҕына сэрии буолан, тыаҕа үлэлии тахсыбыта.
         Кини  Чурапчы  педагогическай  училищетыгар,  оскуолаларга
         уонтан  тахса  сыл  учууталлаабыта.  Кэлин  наар  айар  үлэнэн
         дьарыктанан, Москваҕа олорон, 1969 сыллаахха өлбүтэ.
            Кини  өй­санаа  үрдүк  күүрээнинэн,  сүрэх­быар  эгэлгэ
         иэйиитинэн толору, үгүс өрүттээх, баай ис хоһоонноох, айым­
         ньылаах  олоҕу  олорбута.  1938  сыллаахха  «Эдэр  суруйаач­
         чылар  альманахтара»  кинигэҕэ  «Кыһыл  лента»  диэн  бастакы
         хоһоонун бэчээттэтиэҕиттэн олоҕун тиһэх күннэригэр балыыһа
         куойкатыгар  сытан  суруйбут  «Кэриэс  ырыаларыгар»  тиийэ  —
         отуттан  тахса  сыл  устата  саха  сэбиэскэй  литературатын  ин­
         ники  күөнүгэр  сылдьыбыта,  биһиги  национальнай  поэзиябыт
         биир төһүү үлэһитэ этэ.
            Баал Хабырыыс улахан литературнай нэһилиэстибэни хаал­
         ларбыта.  Кини  отуттан  тахса  кинигэни  сахалыы  уонна  нууч­
         чалыы  тылларынан  бэчээттэппитэ.  Олортон  бэйиэт,  холобур,
         «Өлбөт  мэҥэ»  (1945  с.),  «Мин  көлүөнэм»  (1951  с.),  «Доҕор­
         доһуу тойуктара» (1954 с.), «Лирика» (1958 с.), «Туох диирий
         сүрэҕим»  (1961  с.),  «Мин  аргыстарым»  (1964  с.)  диэн  кини­
         гэлэрэ  кини  бэйэтин  айар  үлэтигэр  эрэ  буолбакка,  саха  би­



                                                                      149
   144   145   146   147   148   149   150   151   152   153   154