Page 151 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 151
Ханнык-ханнык ыллыгынан
Ким көөртөй кини хаамарын?!
Маҥнай хахыйах быыһыгар
Кирийэ сыппыт быһыыта.
Түүнүн дьаарбайбыт сыһыыга,
Хаалбыт атаҕын кырыата.
Хатыҥ талах сэбирдэҕэ
Ибир-сибир тохтон барар.
Үрүйэ ыарҕа эҥээрэ
Уоттуу кытара умайар.
Дьахтар сайына диэн ааттаах
Сылаас да күннэр кэлэллэр.
Оттон түүнүн хаар хаһыҥнаах,
Оччоҕо сир-дойду киэркэйэр.
Чараҥы, тыаны, хонууну
Үрүҥ көмүһүнэн дуйдуур.
Чычаас, дьаратыйбыт ууну
Чап-чараас муус модьоҕолуур.
Сарсыарда хараҕыҥ саатар,
Сандааран сырдыгын аххан!
Сөрүүнүн, чэбдигин аата,
Салгын да салгын тыыныахха!
Быйаҥнаах, бултаах да буоллар
Тууга күөнэх, тыаҕа куобах.
Сааны санныгар сүгэҕин,
Сииги, силбиги кэһэҕин.
1967 с.
* * *
Түннүгүм аһаҕас этэ,
Күммүт тыкта арылыччы.
Кымньыы күлүгүн кэриэтэ
Көтөн ааста хараҥаччы.
Сүрүн баҕаһын түргэнэ,
Биир чыпчылыйыы түгэнэ!
Саха былыргы номоҕо
Мин өйбөр охсуллан кэллэ:
151