Page 150 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 150

лиҥҥи  литературатын  бүтүннүүтүн устуоруйатыгар  кэрэ­бэ­
             лиэ чахчыларынан буолаллар.
                                                             Софрон Данилов

                Мин тыа сиригэр, айылҕа үөһүгэр үөскээбитим. Айылҕаны
             көбүөр ойуутуттан эрэ көрөн өйдөөбөтөҕүм. Кыһыны атахпын,
             илиибин иһэлитэн; сааһы, силиигэ киирэр тымныы халаанын
             кэһэн; сайыны тиритэн­хорутан, утатан­куоһан, бырдахха тут­
             таран,  күн  уотугар  килэриччи  сиэтэн;  күһүнү  силбигэр,  са­
             мыырыгар, өксүөнүгэр ибили сытыйан, хаар хаһыҥыгар хаа­
             ман билбитим. Мин бу оҕо эрдэхтэн испэр иҥэрбит, сүрэхпэр
             хатаабыт айылҕабын таптыыбын. Кинитэ суох мин сатаммап­
             пын.  Ол  эрээри  төһө  күүһүм  кыайарынан  кинини  киһититэ
             сатыыбын.
                Лиирик  бэйиэт  туох  ханнык  иннинэ  гражданин  буолара
             булгуччулаах.  Оччоҕо  кини  тус  олоҕо,  таптала,  өйө­санаата
             дьоҥҥо тиийиэ, кинилэр сүрэхтэриниин дьүөрэлэһиэ. «Мин»
             диэбитэ эһиги курдук өйдөнүө, «Эһиги» диэбитэ тус бэйэтин
             санатыа.
                                              Г. Г. Вешников-Баал Хабырыыс




             Ааҕыы, ырытыы
                                          КҮҺҮН

                              Оо, бу күһүн барахсаны
                              Хоһооммор холбоон да биэртим.
                              Сүүс гыммыт биирин даҕаны
                              Быһыыта, сатаан эппэтим.

                              Мин кини күндү көрүҥэр
                              Кырдьыга, баһыйтарабын.
                              Букатын, син балык тэҥэ
                              Тылбыттан матан хаалабын.

                              Сааһы, сайыны, кыһыны
                              Көйгөлүү көрбөтөх иһин,
                              Ойуччу ордоро саныыр
                              Кэрэхсиир кэмнээх ээ киһи!
                              Бу хайа икки ардынан
                              Кээлтин билбэккэ хаалаҕын.

              150
   145   146   147   148   149   150   151   152   153   154   155