Page 145 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 145

Шура,  кини  госпитальтан  кэлэрин  көһүтэн,  күтүөтүн  аахха,
         Тирасполь куоракка олороро. Сэмэн Обручу заставатыгар тах-
         сар буолбутун Шура истэн, тоҕо эрэ, кэри-куру буолла.
            — Шура,  туох  буоллуҥ?..  Урут  үлэлээбит,  олорбут  сирим
         дии. Онно тахсарбыт үчүгэй буолбат дуо? — Кэргэнэ туохтан
         бу курдук буолбутун өйдөөбөккө ыйытта.
            — Онно тахсан ханна олоруохпутуй? — Шура, тоҕо эрэ, ха-
         раҕын уутун сотунна.
            — Шура,  чудачка,  урут  мин  олорбут  хоспор  олоруохпут
         буол лаҕа дии! — Сэмэн мичээрдээтэ. — Хата, хомуна оҕус!
            — Хайдах?.. Сибилигин тахсабыт дуо?
            — Сибилигин,  Шура,  сибилигин!..  Эйигин  олус  да  аҕын-
         ным! — Сэмэн кэргэнин кууһан, уураары гынар.
            — Кэбис!.. Сеня, тохтоо!.. Биһиги сарсын да тахсарбыт та-
         быллыбат дуо?
            — Мин  үлэбэр  тахсарым  билигин  да  үс  хонук  баар…  Мин
         даҕаны… Сарсыҥҥа диэри манна тугу гыныахпытый?
            — Сеня, оттон… Чэй өрүнэр, күөс күөстэнэр, таҥас суунар
         туох  эмэ  иһиттээх  буоллахпытына  табыллара  буолуо…  Ыал
         аата буолан баран, хайдах туга да суох… — диэн, Шура тоҕо
         кинилэр  сибилигин  тахсаллара  табыллыбатын  Сэмэҥҥэ  өй-
         дөттө.  Кырдьык  даҕаны,  иһит-хомуос  тэриннэхтэринэ,  атыы-
         ластахтарына табыллар эбит.
            Сарсыарда  эрдэ  туран,  оспуоччугунан  Обручу  заставаты-
         гар бардылар. Кэлэн, олбуор аанын таһыгар Шураны хаалла-
         ран  баран,  Сэмэн  застава  кэнсэлээрийэтигэр  киирдэ.  Саҥа
         начальник  Дмитрий  Халин  киниэхэ  көмөлөһөөччүнэн  үлэлии
         Владимиров тахсыбытын сөбүлээбэтэх курдук көрүстэ. Аҕыйах
         хонуктааҕыта Халин манна начальнигынан ананан тахсарыгар,
         этэрээт  штабын  начальнига  Михайлов  быһа-бааччы:  «Вла-
         димиров  бааһыран  госпитальга  киирбэтэҕэ  буоллар,  кинини
         аныа этибит» — диэн эппитэ. Ол начальнигынан анаары гынар
         киһилэрэ үтүөрэн бу үлэлии кэллэ.
            Халины  кытта  Сэмэн  хас  да  ый  үлэлээтэ.  Кинилэр  бу  кэм
         устатыгар  соччо-бачча  кэпсэппэттэр.  Владимиров  бэйэтин
         эбээһинэһин  эҥкилэ  суох  толорор.  Ити  курдук  үлэлии  олор-
         дохторуна, этэрээттэн телефонограмма кэллэ:
            «36­с  Обручутааҕы  застава  начальнигын  көмөлөһөөччүтүн
         Владимировы  Рыбництааҕы  комендатура  6­с  Выхватенцатаа­
         ҕы заставатын начальнигын солбуйтара ыытарга».
            Бу застава начальнига Фёдор Степанович Омельченко му-

                                                                      145
   140   141   142   143   144   145   146   147   148   149   150