Page 143 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 143

— Кэргэннэммитэ.  Киниттэн  биэс  сылынан  аҕа  кыыһы  ыл-
         быта… Сылы кыайбат курдук олорон баран, арахсыбыттара.
            — Шура, кинини кытта холбоспотоххуттан билигин кэмсим-
         мэккин дуо?
            — Кырдьыга,  уол  —  куһаҕана  суох  киһи,  эдьиийин  тылыт -
         тан,  кини  тугу  этэриттэн  тахсыбат  эрэ  буруйдаах…  Оттон
         эдьиийэ  олус  харам,  ымсыы,  куһаҕан  майгылаах.  Тулаайах,
         дьоно  суох  уол  эдьиийигэр  иитиллибит,  кини  тылын  истэ
         үөрэ нэн хаалбыт.
            Сэмэн  Шура  кэпсиирин  истэ  олорон:  «Эмиэ  мин  курдук,
         олох эрэйин көрбүт, билбит эбит… Кини биһикки холбостор-
         бут  хайабыт  да  төрдүбүтүнэн-ууспутунан  сирэй-харах  анньы-
         һыахпыт суох!» — диэн санаата.
            Кыыстаах  уол  харах-харахтара  утарыта  көрүстүлэр,  сүүс-
         сүүстэринэн  даҕастылар…  Онтон  Сэмэн,  кыыһы  икки  окума-
         лыттан ылан, бэйэтигэр сыһыары тарта.
            — Шурочка,  мин  эйигин  таптыыбын!  —  диэн,  Сэмэн  уоһа
         ботугураата…  Сэмэн  кыыһы  кытта  аан  бастаан  уураһыыта  бу
         этэ. Икки таптаһар сүрэхтэр көрсүһэн, халлаан төһө да итиитин
         иһин,  ыбылы  куустуһан,  уураһа  олордулар.  Ол  олорон  Шура,
         уһун уонна минньигэс уутуттан уһуктубут курдук, ыксаабыт куо-
         лаһынан ыйытта:
            — Сеня, хас чаас буолла?
            — Күн  ортотун  икки  чаас  ааста,  —  Сэмэн  чаһытын  көрөн
         эттэ.
            — Сеня, ыыт… Мин куоракка киириэм!.. Дьонум сүтүктүөх-
         тэрэ, — диэтэ уонна баттаҕын көннөрүннэ.
            — Шура, кыратык тохтуу түспэккин дуо? — Сэмэн көрдөстө.
            — Суох-суох, Сеня, мин куоракка төннөбүн!
            — Шура, саатар, мин дьиэбэр сылдьан, утахха чэйдээн да
         баран, киириэ эбиккин.
            — Сеня, аныгы тахса сылдьарбар… Сөп дуо? — Кыыс эмиэ
         Сэмэҥҥэ  сыста  түстэ  уонна  имэҥнээхтик  уоһуттан  уураан
         ылла.
            — Шура, хаһан аны эйигин көһүтэбиний?
            — Үс хонон баран, дьуһуурустубам кэнниттэн… Ийэм мии-
         гин эргэ биэрээри ыксатан эрэр.
            — Хайдах?.. Кимиэхэ?.. — Сэмэн улаханнык соһуйда…
            — Одессаттан биир уол кэлэ сылдьар… Киниэхэ эргэ биэ-
         рэн ыытаары муҥнууллар…
            Сэмэн  тугу  да  саҥарбата.  Туох  диэҕэ  баарай?  Шура  кини
         кэри-куру буолбутун өйдөөтө.

                                                                      143
   138   139   140   141   142   143   144   145   146   147   148