Page 138 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 138
устун үс ыҥыыр аттаах пограничниктар торҕо бөтөрөҥүнэн
тэптэрэ турдулар.
«Ама, Сеня ити ыҥыыр аттаах дьону кытта барсыбыта буо-
луо дуо?» — диэн саныы-саныы, Шура баран истэ.
Оспуоччук Кара пограничнай заставатын олбуорун аанын
иннигэр атын тохтотто, сылайбыт курдук нүксүйэн олорон:
— Заставаҕа кэллибит, — диэтэ. — Эн манна хаалаҕын дуу,
куоракка төннөҕүн дуу?
— Төннөбүн… Өр буолуом суоҕа, көһүтэ түс!
Шура фаэтонтан түстэ. Кыбыстыбыт курдук, застава ол-
буорун аанын аргыый тоҥсуйда. Бинтиэпкэ тутуурдаах погра-
ничник быкта.
— Кимиэхэ кэллиҥ?
— Табаарыс Владимиров баар дуо?
— Начальник… билигин суох, кыраныыссаҕа барбыта… Наа-
далаах буоллаххына, көһүтэ түс, сотору кэлэрэ буолуо, — диэн
баран, застава часовойа олбуор калиткатын сапта.
Оспуоччук көһүтэн лөкөллөн олорор. Кыыс фаэтоҥҥа төн-
нөн кэллэ. «Хайа, мантан аны ханна барар буоллуҥ?» диэ-
биттии, оспуоччук кыыһы көрүтэлээтэ. Оттон Шура улаханнык
саараата: «Куораппар төннөбүт дуу, кэлэрин көһүтэбин дуу?».
— Төһө өр көһүттэрэллэрий? — оспуоччук хатаарыйа ыйыт-
та.
— Билигин суох үһү… Көһүтэ түс дииллэр, — Шура ытаабат
эрэ.
— Барышня, эбии төлүөх буоллаххына, киэһээҥҥэ да диэри
көһүтүөм, — оспуоччук ол-бу диэки көрүтэлээтэ.
— Төлүөм… Бачча кэлэн баран, кыратык көһүппэккэ бара-
рым табыллыбат.
— Да-да, кыратык көһүтүөххэ да син, — оспуоччук олбоҕут-
тан түстэ. Мөһөөччүккэ тэскэччи кутуллубут эбиэһи ылан, атын
аһатта.
Сотору соҕус, аллараттан, Днестр өрүс кытылыттан тах-
сар аартыгынан, ыҥыыр аттаахтар көһүннүлэр. Шура өйдөөн
көрбүтэ, кинилэр ортолоругар Сеня баар. Саабылалаах, мау-
зердаах буолан, Сэмэн Владимиров киниэхэ букатын билбэт
киһитин курдук көһүннэ.
Сэмэн, Шура кэлэн турарын көрөөт, атын тэһиинин кава-
лерист пограничникка туттарда, бэйэтэ ыҥыыртан чэпчэкитик
ойон түстэ уонна мичээрдээбитинэн Шураҕа кэллэ.
— Дорообо, Шура! — Оспуоччук көһүппүт курдук көрөн тура-
138