Page 136 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 136

ла?»  —  дэспиттии,  ийэлээх  эдьиийэ  көрөн  турдулар.  Шура,
             кыатана сатыы-сатыы, күлэр да күлэр.
                — Хаартысканы көрөн сөбүлээбит буоллаҕына, ыллын!
                — Шура,  күлүмэ!..  Хаскар  диэри  кэргэнэ  суох  сылдьаары
             гынаҕыный? — диэтэ Клава.
                Шура  тугу  да  саҥарбата.  Өскөтө  кини  утарыластаҕына,  ол
             уолу көрүөн да баҕарбатын биллэрдэҕинэ, эдьиийэ уонна ийэ-
             тэ уорбалыахтара. Ол иһин, Шура эттэ:
                — Миигиттэн  ураты  кыыһы  булан  көрбөтөх  муҥур  сордоох
             буоллаҕына, кэллин… Кини миигин көрдүн, мин кинини көрүөм!
                — Шура,  чэйдээт,  баанньыкка  бара  оҕус!..  Эбиэт  да  кэмэ
             кэлэрэ өр буолуо суоҕа, — диэтэ ийэтэ.
                Шура, кырдьык, сып-сап курдук түргэнник чэйдээтэ. Баар-
             суох  мааны  таҥаһын  ылла,  дьиэтиттэн  таҕыста.  Ийэлээх
             эдьии йэ, Микэ часовщиктаах киирэн эбиэттиэхтэрэ диэн, сар-
             сыарда  эрдэ  баран  баһаартан  атыыласпыт  икки  кууруссала-
             рын  өлөрөн,  үргээн  буһардылар.  Дьиэлэрин  ыраастаатылар,
             иһиттэрин-хомуостарын сууйдулар-соттулар.
                Шура баанньыкка баран суунна, мааны былаачыйатын кэт-
             тэ  уонна  оспуоччуктар  мустар  сирдэригэр  кэллэ.  Оспуоччук
             фаэтонугар  олордо  уонна  гостиницаҕа  тэптэрэн  кэллэ.  Кыыс
             таҥнан, киэргэнэн киирбитин Киселёв көрөөт:
                — Хайа, бу хайа бэйэлээхтэрэ киирдэ диэбитим, эн эбиккин
             дуу?..  Бу  ханна  бараары  киэргэнниҥ,  эргэ  тахсаҕын  дуу?  —
             диэтэ.
                — Идэлээх  союзтар  уобаластааҕы  комитеттарын  соруда-
             ҕынан Ново-Владимировкаҕа тахсан иһэбин… Тутуурдаах сыл -
             дьыам  дуо,  манна  ууруум,  —  Шура  уларытыммыт  таҥаһын
             ыскаапка уурда. — Киирдэхпинэ, ылыам!
                — Ким тыытыа буоллаҕай, сытыаҕа! — диэтэ Киселёв уонна
             күрдьүөтээбит оҕус курдук көрөн дьэрэлиттэ.
                — Быраһаай,  табаарыс  Киселёв!  —  диэтэ  Шура  уонна  ми-
             чээрдээтэ.
                — Һэ!.. Сылтан ордук кэм устата бииргэ үлэлээтибит да, бу
             курдук  тупсубуккун,  кэрэтийбиккин  көрө  иликпин…  Дьикти!..
             Эдэрим эбитэ буоллар… Һа-һа! — Киселёв төтөлө суох күлбэх-
             тээтэ. — Эргэ тахсаары гыммыккын дуу, хайдах дуу?
                Шура  гостиницаттан  тахсан  оспуоччукка  тиийэн,  холку  ба-
             ҕайытык:
                — Кара сэлиэнньэтигэр, — диэтэ.
                Оспуоччук атын муоһатын хамсатта, уоһун чобурҕатта:
                — Ну-у, мила-а-й, хамсаан ис!

              136
   131   132   133   134   135   136   137   138   139   140   141