Page 137 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 137

Күн аайы фаэтону соһоругар хал буолан хаалбыт ат, аат эрэ
         харата сиэлбитэ буолан, ходьороҥноото. Былыта суох куйаас
         күн. Салгын да хамсаабат уу чуумпута. Күн итиитэ сытайбыкка
         дылы.
            Шура урут хаһан да бу курдук фаэтоҥҥа олорон айаннаан
         көрө  илигэ.  Фаэтон  сымнаҕас  баҕайытык  долгулдьуйар.  Со-
         тору  Суук-лей  сэлиэнньэтигэр  тиийдилэр.  Суолга  бэрт  үгүс
         кууруссалар, кустар уонна хаастар сылдьаллар, акка тэбистэ-
         риэх курдуктар.
            Кара сэлиэнньэтигэр тиийдилэр. Суол икки аҥыы арахсар
         тамаҕар холуодьас баар. Аттыгар сүр улахан кириэс турар. Ол
         кириэскэ  Иусус  Христос  тиириллибит.  Оспуоччук  холуодьас
         аттыгар  атын  тохтотто,  уу  баһан,  атын  уулатта.  Онтон  атын
         тириппит ойоҕоһун тараата.
            — Манна ханна тиэрдэбиний?
            — Заставаҕа… Пограничнай заставаҕа, — диэтэ Шура уонна
         кэмчиэрийбит курдук тутунна.
            — Заставаҕа? — оспуоччук, саараабыт курдук, бытыгын тар-
         банна.
            — Да-да, заставаҕа!
            — Заставаҕа… Бэйи эрэ, онно эн билсэр киһилээххин дуу,
         туох ураты наадалааххын дуу?
            — Наадалаахпын.
            — Наадалаах  буоллаххына…  хайыахпытый?..  Бардахпыт
         дии… Ол эрээри, кыра наадалаах киһи соччо сылдьыбат дьо-
         но. Үнүрүүн миэхэ манныгы кэпсээбиттэрэ. Одессаҕа Дериба-
         совскай уулуссанан чааһынай лааппылаах нэпман Хаим Исаа-
         кович баран испит. Урукку Одессаҕа жандармскай управление
         дьиэтин аттынан ааһан иһэн, быыбыска сааллан турарын көр-
         бүт. Тохтообут уонна аахпыт: «Одесса Уобалаһынааҕы ОГПУ»,
         ол  аннынан  суруллубут:  «Туора  дьон  киирэллэрэ  бобуулаах»
         диэн. Хаим Исаакович ол-бу диэки көрбүт уонна аттынан ааһан
         иһэр киһиэхэ эппит: «Манна көрдөһөбүт, баһаалыста, киириҥ!»
         да диэн суруйбуттара буоллар, мин киириэ суохпун!» — диэн.
         Наадата  суох  киһи  заставаҕа  эмиэ  соччо  киириэн  баҕарбат
         сирэ!
            Пограничнай  застава  Кара  сэлиэнньэтин  ортотугар  турар.
         Мантан, застава олбуорун иһиттэн, Днестр өрүс сыыр аннынан
         эҥсиллэн ааһара бэрт үчүгэйдик көстөр.
            Оспуоччук  Шураны  заставаҕа  тиэрдиэн  иннинэ,  ханна  эрэ
         Днестр  өрүс  кытылыгар  икки  төгүл  бинтиэпкэ  эстэр  тыаһа
         иһиллибитэ.  Сотору  эниэни  таҥнары  өрүскэ  түһэр  буор  суол

                                                                      137
   132   133   134   135   136   137   138   139   140   141   142