Page 142 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 142

пит,  кэргэн  ылбыт,  онон  сулууспатын  кэнниттэн  Тираспольга
             олохсуйан хаалбыт. Онон аҕабыт өттүттэн манна уруубут суох.
             Ийэм  биһигини,  икки  кыыһын,  иитээри  ыал  таҥаһын  сууйан,
             ким  тугу  соруйарын  үлэлээн  муҥнанан  олорбут…  Ийэм  кэп-
             сииринэн, мин кырабар олус иринньэх, ыарытыган оҕо эбитим
             үһү. Иккибэр диэри кыайан хаампатахпын. Аҕыстаахпар ийэм
             оскуолаҕа биэрбитэ. Түөрт эрэ кыһын үөрэммитим… Револю-
             ция, былаас уларыйыыта, сэрии, айдаан буолан, оскуолаттан
             уурайан  хаалбытым.  Маҥнай  утаа  куорат  ыалларыгар  оҕоло -
             рун көрөрүм. Сорох ыалга өрүстэн уу баһан таһааран биэрэ-
             рим.  Ол  иһин,  миигин  айахпар  аһаталлара,  эргэ  таҥастарын
             биэрэллэрэ.  Кэлин,  НЭП  кэмигэр,  «Трактирга»  иһит  сууйаач-
             чынан  үлэлээбитим,  атыыһыттар  атыыласпыт  фрукталарын
             дьааһыкка угар үлэҕэ эмиэ сылдьыбытым… Оччоттон күн бү-
             гүнүгэр  диэри  бас  билэр  дьиэбит  суох.  Арыт  кыһын  оһоҕо
             суох тоҥ сарайга кыстыырбыт. Онтон ыксаан, эдьиийим Кла-
             ва  оспуоччук  киһи  уолугар  эргэ  тахсыбыта.  Билигин  кинилэ-
             ри кытта олоробут… — Шура бэйэтин кыһалҕалаах олоҕуттан
             хараастан, хараҕын уутун сотунна. — Күтүөппүт бардам, ары-
             гыһыт соҕус. Ийэм биһиккини сөбүлээбэт, абааһы көрүтэлиир,
             Клава биһигини көмүскэспэт, эрин утары биир да тылы саҥар-
             бат…  Ол  курдук  олордохпутуна,  икки  сыллааҕыта,  биһиэхэ
             электромонтёр  уол  сылдьыбыта.  Кини  миигин  сөбүлүү  көр-
             бүт  бэйэтэ  буолуо,  сотору  аҕаһыныын  кэлэн  ыйыттарбыта.
             Мин  эрэйдээх  олохпутуттан  хаайтаран,  эргэ  тахсарга  сөбү-
             лэспитим. Сонно тута арыгы, ас атыылаһан аҕалбыттара уон-
             на «илии охсуһуутун» малааһынын оҥорбуттара. Эргэ тахсыах
             буолбут  уолум  миэхэ  былаачыйа  таҥаһын  бэлэхтээбитэ,  уол
             эдьиийэ  миэхэ  таас  графин  уонна  көмүс  ытарҕа  биэрбитэ.
             Иккис  күнүгэр  уол  биһиэхэ  кэлбитэ,  миигин  Богадаев  иллю-
             зионугар, кино көрдөрө ыҥырбыта. Мин барсыбытым… Аара,
             мин эргэ тахсыах буолбут уолум, эппитэ: «Шура, аҕаһым этэр:
             «Сыыһа быстар дьадаҥы дьахтар кыыһын ойох ылаҕын… Ман-
             на  бэйэтэ  дьиэлээх  баай  кыыһа  баар…»  Мин,  итини  истээт,
             хараҕым  хараҥарбыта,  кэргэннии  буола  иликпититтэн  дьа-
             даҥыбынан  сыҕайаллар  дии  санаабытым,  мин  кини  илиитин
             төлө охсубутум уонна эппитим: «Миигин, быстар дьадаҥы ыал
             кыыһын, ылыма!.. Ол дьиэлээх, баай кыыскар бар!» Эргилли-
             битим  да  дьиэбэр  төннүбүтүм.  Онтон  ыла,  кинини  уулуссаҕа
             көрүстэхпинэ, билбэт киһим курдук, кини диэки хайыспакка да
             ааһабын… Ол курдук олордоҕум бу, Сеня.
                — Ол уол кэргэннэммитэ дуо?

              142
   137   138   139   140   141   142   143   144   145   146   147