Page 139 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 139
рыттан Сэмэн дьиктиргээбиттии ыйытта: — Шура, ханна баран
иһэҕин дуу, хайдах дуу?
— Суох, ханна да ааспаппын… Үлэлиир сирбэр эн киирэ
сылдьыбыт этиҥ, — Шура килбигийэн хаалан, итинтэн ордук
тугу да эппэтэ.
— Да-да, мин киирэ сылдьыбытым… Ол иннинэ, манна кэ-
лээт, сурук суруйбутум, туттуҥ ини?
— Бүгүн… — диэтэ Шура, сааппыт курдук умса көрдө, түүп-
пүлэтин тумсунан сыыһы тарыйда.
— Шура, миигин манна көһүтэ түс, сулууспам дьыалатыгар
заставаҕа киирэрдээхпин… Өр буолуом суоҕа! — Сэмэн ол-
буор диэки эргиллибитигэр, оспуоччук:
— Мин манна өр туран көһүтэр кыаҕым суох! — диэн, сө-
бүлээбэтэхтии саҥа аллайда.
— Табаарыс, оннук тиэтэйэр, ыксыыр буоллаххына, бар! —
диэтэ Сэмэн. Шура хайдах да буолуон булбата, — Шура,
төлөөбүтүҥ дуо?
— Суох… — Шура иһиллэр-иһиллибэттик ботугураата. —
Мин куоракка төннүө этим.
Сэмэн гимнастёркатын сиэбин хаһыста.
— Манна таһаарбыккар уонна биир чаас көһүтэргэр, куорак-
ка киллэрэргэр төһөнү көрдүүгүнүй?
Оспуоччук, Сэмэн ботуччу тутан турар харчытын ымсыыр-
быт курдук көрө-көрө:
— Үс сүүс буолара буолуо, — диэтэ.
— Баһаалыста, ыл!
— Баһыыба, начальник! — Оспуоччук үс сүүстээх кумааҕыны
ылан сиэбигэр угунна.
— Шура, миигин манна көһүтэ түс!.. Баҕар, мин олорор дьиэ-
бэр баран көһүт, — Сэмэн сиэбиттэн күлүүс тылын таһаарда.
Шура күлүүс тылын ылбата, саҥата суох баһын быһа ил-
гиһиннэ.
— Бырастыы гын, Шура, сулууспам дьыалатыгар тиэтэйэ-
бин! — диэт, Сэмэн застава олбуорун иһигэр дьылыс гынан
хаалла.
* * *
Олохтоохтор өрүстэн уу баһар сирдэригэр нэрээккэ турар
Воронов «ыҥырыы» оҥордо. Онно туох буолбутун билэ, икки
кавалеристаах Сэмэн Владимиров киирдэ. Уу баһар сиргэ
биир да киһи суох, арай таҥас сытар. «Сөтүөлүү киирбит киһи
ууга түспүт эбэтэр уҥуор куоппут буоллаҕа дуу?» — диэн са-
139