Page 132 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 132
урут хаһан да кыраныыссаҕа сулууспалаабатах да буоллар,
застава начальнигынан анаары гыналлар… Сыыһа! Итинэн
үчүгэй үлэһит буолуох да киһини буортулууллар… Икки ыйга
манна кини миигин солбуйан олорон, икки операцияны са-
табыллаахтык ыыппыт… Застава начальнигынан аныырга ол
кыра… Биир-икки сыл заставаҕа көмөлөһөөччү дуоһунаһыгар
сылдьан мүккүлүннэҕинэ, итиини-тымныыны биллэҕинэ эрэ,
застава начальнигынан аныахха сөп. Ити туһунан комсостав
сүбэ мунньаҕар хайаан да мин эттэхпинэ табыллыыһык!»
* * *
Днестр өрүс Кара сэлиэнньэтин ортотуттан тэйэн, арҕаа
өттө сэлиэнньэ уһугуттан ыраатар. Онно фруктовай сад. Өрүс
халааннаатаҕына, уу халыйар намыһах сирэ. Ол курдук, Днестр
өрүс кумах тоҕойдонон Суук-лей сэлиэнньэҕэ эргийэн кэлэр.
Мантан эмиэ ырааҕынан эргийэн Тирасполь куорат аннынан
эҥсиллэр. Биир тылынан эттэххэ, кус оһоҕоһун курдук, эрил-
лэр-буруллар үгүс тоҕойдордоох өрүс.
Днестр өрүс тоҕойдоро-тоҥонохторо барыта — фруктовай
сад уонна виноградник. Днестр өрүс хочотун буорун туһунан
маннык өс хоһооно баар: «Олгуобуйаны да астахха тарантаас
үүнэр!» Суук-лей сэлиэнньэтин арҕаа өттүнээҕи улахан тоҕой
ортотунан Суук-лей уонна Тирасполь куорат олохтоохторун
садтарын араарар быыс суол баар. Ону застава начальнига
Дегтярёв Владимировка көрдөрбүтэ да, ол «быыс» суол ханна
тиэрдэрин эппэтэҕэ. Сэмэн ону көрөр баҕалаах.
— Табаарыс Петухов, бу суол ханна тиэрдэрий?
— Бу суол, табаарыс начальник, Тирасполь куорат илиҥҥи
уһугар «Садовая» уулуссаҕа тиэрдэр.
— Заставаҕа кэлбиппит курдук төннөбүт дуу, бу суолунан
барабыт дуу? Хайаларынан бардахпытына, застава чугаһый?
— Куоратынан чугас буолуо, табаарыс начальник. Арҕаа
уһукка түрүбүөгэ буоллаҕына, биһиги куоратынан кэлээччибит!
— Үчүгэй!.. Оччоҕо бу суолунан барабыт! — диэт, Сэмэн
атын салайда. Ат ходьорус гынна уонна Тирасполь куорак-
ка тахсар буор суолунан сиэлэн атаралаата. Кырдьык, куорат
чугас эбит. Куорат уулуссатыгар киирдилэр. Атын уҥа салай-
даҕына, Суук-лей сэлиэнньэтинэн Кара заставатыгар барар.
Оттон хаҥас салайдаҕына, бэрт кыратык төгүрүйэн, куорат
коммунальнай гостиницатыгар таарыйан ааһыа.
«Бачча кэлэн баран… таарыйбакка ааһарым табыллыбат!»
диэн, Сэмэн быһаарда уонна атын хаҥас диэки салайда.
132