Page 127 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 127

халтаһаларын сутуругунан ньухханна, онтон оронугар олордо.
         Ааны  аһан,  застава  начальнига  Бабинцев  киирдэ.  Лаампаны
         уматан, хос иһин сырдатта.
            — Утуйа  охсубут  эбиккин  дуу?..  Саҥардыытааҕыта,  мин
         дьиэ бэр  кэлэрбэр,  тугу  эрэ  суруйа  олорор  курдугуҥ  дии?  —
         диэн  Бабинцев  уһугуннарбытын  кэмсиммит  курдук  көрүтэ-
         лээтэ.
            — Табаарыс начальник, хайа, барабыт дуо?
            — Баран-баран.
            Заставаҕа киирэн, отделение командира Быковы ыллылар.
         Үһүө буолан, сып-сап курдук түргэнник тэринэ охсон, барды-
         лар. Ханна тоһуур оҥоро баралларын Сэмэн билбэт. Кини зас-
         тава  начальнигын  батыһар.  Кэтэх  суолунан  «Турунчук  төрдө»
         диэн  ааттыыр  сирдэригэр  тиийдилэр.  Турунчук  Днестр  өрүс -
         тэн  арахсар  сириттэн  тахсар  омоон  суол,  фруктовай  садтар
         быыстарынан Обручу сэлиэнньэтин кэтэҕинэн ааһар айан суо-
         лун  туораан,  уон  аҕыс  биэрэстэ  тэйиччи  сытар  «чугунка»  Ку-
         чурган диэн станциятыгар тиийэр, онтон «чугунканы» туораан,
         немецкэй колонияҕа, «Страсбурга», тиийэн муҥурданар. Урут,
         тимир суол тутуллуон иннинэ, киэҥ эбитэ үһү. Немец колонис -
         тара  хастыы  эмэ  көлөлөөх  кэлэн,  Обручуттан,  Слободаттан
         уонна  Глинойтан  фрукта  атыылаһан  илдьэллэрэ.  Кэлин,  ти-
         мир  суол  тутуллуоҕуттан  ыла,  бу  суол  хаалбыт,  дьон  сыл-
         дьыбат  буолан,  отунан-маһынан  бүөлүү  үүнэн,  омооно  эрэ
         көстөр буолбут. Ол эрээри, Страсбургтан, Кучургантан уонна
         Одессаттан  «демаркационнай  линияны»  туораан,  Бессараби-
         яҕа куотааччылар бу омоон суолу тутуһан кэлэллэрэ. Ол иһин,
         «Турунчук төрдүн» учаастагын, кэтэбилэ, көрүүтэ суох хааллар-
         баттар.  Застава  начальнига  Иван  Иванович  Бабинцев  бүгүн
         көмөлөһөөччүтүн,  «тоһуур  оҥорорго»  үөрэтэ  таарыйа,  манна
         аҕалла.
            Соҕурууҥҥу  ыас  хараҥа  түүн  Днестр  өрүс  кытылын  саба
         бүрүйэн турар. Садтар, яблоко, персик, айва отоннор минньи-
         гэс  сыттарынан  дыргыйаллар.  «Турунчук  төрдүн»  учаастагар
         кэлэн,  Бабинцев  ыйыытынан,  омоон  суол  уҥа  өттүгэр,  суон
         үөт мас төрдүгэр олордулар.
            «Хайаан да бу суолунан ким эрэ кэлэрэ буолуо!» диэн, Сэ-
         мэн кэтэһэ санаата. Кини, тоһуурга олорон, этинэн-хаанынан
         барытын  иһиллииргэ  дылы.  Дөрүн-дөрүн,  Днестр  өрүс  уутун,
         эрдии салбаҕынан охсор курдук, чал гынар тыас иһиллэр. Сэ-
         мэн  ону  иһиттэр  эрэ  тыынан  туораан  иһэллэр  дии  саныыр.
         Олороллор, көһүтэллэр да, туох да биллибэтэ, кэлбэтэ, уу тыа-

                                                                      127
   122   123   124   125   126   127   128   129   130   131   132