Page 128 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 128
һа эмиэ чалым гынан ылла. «Тугун дьиктитэй? Ама, баччааҥ ҥа
диэри өрүһү туоруу сатыыллар дуо?» — диэн саныы-саныы,
Сэмэн кэтэһэр. Туох да биллибэт. Уу чалымныыра уурайбат.
Сэмэн тулуйбата, туох ууну тыаһатарын истээри, начальнигын
кулгааҕар сибигинэйдэ:
— Табаарыс начальник, ууну ити туох тыаһатарый?
— Суом балык оонньуур… Ууну кутуругунан охсор, — диэн
Бабинцев сибигинэйдэ.
Им-дьим, саҥата-иҥэтэ суох чуумпуран, кэтэһэн олорду-
лар. Ыраах, Днестр өрүс уҥуор, Бессарабия сирин үрдүнэн,
ичигэс түүн сардаҥатын уота күлүмүр гынан ылар. Арыт хо-
йутаабыт тыал сад мастарыгар сөрүөстэн, сэбирдэҕи хамса-
тан суугунатар. Садка үөн сиэбит отоно туллан, сиргэ топ гына
түһэр. Онтон эмиэ мастыын-оттуун иһийэн хаалар. Ити курдук
балай эмэ олордулар. Сэмэн иһиттэҕинэ, суол устун ким эрэ
сурдурҕаан иһэр.
«Дьэ… иһэр!» — дии санаан, Сэмэн наганын ылаары кобура-
тын тимэҕин төлөрүттэ. Ол эрээри, аттыгар олорор начальнига
да, отделение командира Быков да хамсаабаттар, бэлэмнэм-
мэттэр. «Ама, истибэт бэйэлэрэ буолуо дуо?» — дии санаан,
Сэмэн ыксыы быһыытыйда. Ким эрэ окко сурдурҕаан чугаһаа-
та. Мэктиэтигэр, тыынара кытта иһиллэргэ дылы. Сэмэн көрө
сатыыр да, хараҥа буолан, туох да көстүбэт. Онтон, оту сур-
дурҕатан, адьас Сэмэн атаҕын аттыгар кэллэ… Биирдэ өйдөөн
көрбүтэ, саха киһитин кыһыҥҥы тыс үтүлүгүн саҕа, туох эрэ
хара бөкүнүйэн хамсыыр. Сэмэн тэбэн көрдө да, бөкүнүк хара
ханна да куоппакка, хамсаабакка сытта.
— Табаарыс начальник, ити тугуй? — Сэмэн сибигинэйэн
ыйытта.
— Дьуос сылдьар… Сырыттын, — диэтэ Бабинцев.
Дьуос сыппахтаан баран, аргыый сыҕарыйда уонна, бор-
дурҕаччы тыына-тыына, суол устун бөкүнүйэ турда.
Халлаан суһуктуйа сырдыыта, мастар болооруйан көстөр
буолуулара, чыычаахтар уһугуннулар. Үрдүк эриэхэбэй мас-
тартан саҥалара «турабыт дуо, турабыт дуо?» дэһэр курдук,
чобугурастылар. Утаа буолан баран, кэрэ куоластаах чыычаах-
тар, доҕотторун уһугуннаран, көхтөөх көргө ыҥырардыы, чуор
тойугу тоҕо тардан кэбистилэр.
Кырдьык, халлаан түргэнник сырдаан барда, тахсан эрэр
күн сардаҥата үрдүк мастар чыпчаалларын кыһыл көмүһүнэн
солотуулаата. Арай омоон суол хотоолугар кэм да боруҥуй
соҕус.
128