Page 130 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 130
быккыт. Чупахины куруттан быалаан баран киллэриэ этигит.
Оччоҕо румыннар тыыны состорон ылалларыгар, Чупахины
эһиги ыытыа суох этигит. Оттон «Священник» операцияны
ыытаргар бэрт сөпкө гыммыккыт. Клобуков аҕабыты манна
сэлиэнньэҕэ кэлбитин туппуккут буоллар, кини кыраныысса-
ны кэһээри сылдьарын тугунан да дакаастыа суох этигит…
Билигин иккиэн үлэлиэхпит, мин өр сылларга үлэлээн, тугу
билбиппэр эйигин үөрэтиэм.
Иван Иванович Бабинцев үлэтигэр тахсыаҕыттан ыла, Сэ-
мэн Владимиров соҕотоҕун заставаҕа үлэлээн олорбутун кур-
дук буолуо дуо, улаханнык чэпчээбитэ. Кини бэйэтэ аналлаах
эбээһинэһин — застава начальнигын көмөлөһөөччүтүн үлэтин
толорон барбыта. Билигин кинилэр уочараттаһан демарка-
ционнай линияҕа нэрээти бэрэбиэркэлииллэр, түүн солбуйса
дьуһуурунайдыыллар, пограничнай нэрээти инструктажтаан
ыыталлар. Билигин Сэмэн бойобуой үөрэҕи кичэйэн ыытар.
Оттон политинформацияны уонна политическай занятиены
Иван Иванович Бабинцев бэйэтэ оҥорор буолла.
«Нэдиэлэ курдук үлэлээн баран, куоракка киирэ сылдьар -
га начальникпыттан көрдөһүөм… Хайаан да Шураны көрүс-
тэххэ, кинини кытта кэпсэттэххэ табыллыа этэ», — диэн са-
ныыр Сэмэн.
Иван Иванович Бабинцев үлэтигэр тахсыбыта биэс эрэ хо-
нук ааһарын кытта, телефонограмма кэллэ.
«36с застава начальнигар таб. Бабинцевка.
Балаҕан ыйын 6 күнүгэр табаарыс Владимировы Каратаа
ҕы заставаҕа биир ыйга командировкалаа. Кара заставатын
начальнига таб. Дегтярёв сынньалаҥар сылдьар кэмигэр таб.
Владимиров кинини солбуйуохтаах. Бу бирикээс туолуутун
ба лаҕан ыйын 6 күнүн аһарбакка миэхэ телефонограмманан
биллэрэргэр модьуйуллар.
Учаастак комендана КАЛИНИН».
Иван Иванович Бабинцев, телефонограмманы ааҕаат, си-
рэйэ кытаран хаалла. Тараҕай төбөтүн тарбанна. Бүгүн так-
тическай үөрэҕи ыытаары бэлэмнэнэ олорор көмөлөһөөччүтүн
диэки көрбөхтөөтө. Кини көмөлөһөөччүтүн ыытыан баҕарбат.
Бирикээс аата бирикээс, толоруохтаах!
— Табаарыс Владимиров, баһаалыста, аах! — диэн, баран,
комендант телефонограмматын уунна.
Кара сэлиэнньэтэ Тираспольтан чугас турарын Сэмэн зас-
таваҕа тахсарыгар билбитэ. Онно 34-с пограничнай застава
баар. Кара заставатыгар Дегтярёву солбуйар кэмигэр кини
130