Page 131 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 131

Шураны көрсөр кыахтаах. Сэмэн бу телефонограмматтан хо-
         мойбото.  Билигин  кини  застава  начальнигын  эбээһинэһин
         толороруттан  соччо  куттаммат.  Кини  куттанара  —  демарка-
         ционнай  линия  учаастага  эрэ.  Саҥа  учаастагы  үөрэтиэххэ,
         билиэххэ наада. Ону киһи биир-икки хонукка иккитэ-үстэ сыл-
         дьан  билбэт.  Учаастаккын  билбэт  буоллаххына,  кыраныысса
         манабылын сатабыллаахтык тэрийбэккин.
            — Табаарыс начальник, бүгүн балаҕан ыйын 5 күнэ… Хаһан
         бардахпына табылларый?
            — Да-а, бииргэ үлэлиэхпит диэн үөрбүтүм ити баар… Бүгүн
         Дегтярёву, сарсын Полянскайы, өйүүн өссө кими эрэ солбуй-
         тара ыытыахтара.
            — Табаарыс  начальник,  комендаҥҥа  төлөпүөннүөххүн.  Ба-
         ҕар,  мин  оннубар  атын  киһини  солбуйтарыахтара,  —  диэтэ
         Сэмэн.
            — Бирикээс аата бирикээс. Сатаммат… Бараргар эрэ тии-
         йэҕин.  Сарсыарда  бараҕын…  Бүгүн  тактическай  үөрэҕи  ыыт
         уонна дьиэҕэр тахсан суолгар бэлэмнэн.
            Сэмэн  тугу  да  саҥарбата.  Кырдьыга,  кини  кэпсэтэр  да
         бокуойа  суох  олорор.  Үчүгэйдик  бэлэмнэммэккэ  эрэ  хайдах
         тактическай  занятиены  ыытыай?  Кини  үчүгэйдик  бэлэмнэнэн
         ыытар  буолан,  тактическай  үөрэх  төһө  да  сылаалааҕын  иһин,
         пограничниктар сөбүлүүллэр.
            Иван Иванович Бабинцев сарсыарда заставаттан дьиэтигэр
         сынньана тахсарыгар старшина Чупахиҥҥа эттэ:
            — Табаарыс Владимиров бүгүн 34-с заставаҕа начальнигы
         солбуйа барар. Коноваловы туруоран икки аты бэлэмнэт, ки-
         нини илдьэн биэриэҕэ.
            — Истэбин,  табаарыс  начальник,  —  диэтэ  Чупахин.  —  Та-
         баа рыс Владимиров өр буола онно барар дуо?
            — Суох, биир ый солбуйуоҕа, — диэтэ Иван Иванович уон-
         на  үөһэ  тыынна.  Кини  көмөлөһөөччүтүн  улаханнык  сөбүлээн
         сылдьар.  Байыастар  эмиэ  хайгыыллар.  Коменданы  кытта
         төлөпүөнүнэн кэпсэппитигэр: «Эйиэхэ, Иван Иванович, үчүгэй
         көмөлөһөөччү кэлбит… Сотору кинини застава начальнигынан
         аныахпыт!» — диэн комендант хайҕаабыта.
            Иван  Иванович  Бабинцев  дьиэтигэр  сынньана  баран  иһэн
         саныыр:  «Өр  миигин  кытта  бииргэ  үлэлэппэт  киһилэрэ  кэл-
         бит.  Ол  эрээри,  кинини  биир-икки  сыл  көмөлөһөөччүнэн  ил-
         дьэ  сылдьан  үчүгэйдик  үөрэтиэххэ,  уһуйуохха  баара.  Оччоҕо
         чахчы үчүгэй үлэһит, билиилээх начальник буолуо этэ… Эдэр
         киһини,  сабыс-саҥа  байыаннай  оскуолаттан  кэлээтин  кытта,

                                                                      131
   126   127   128   129   130   131   132   133   134   135   136