Page 126 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 126
— Ону… билбэтим.
Таня уҥа атаҕынан, аан модьоҕотугар үктэнэн туран, хос
иһин одууласта уонна мичээрдээтэ:
— Семён Фёдорович, бу курдук төһө өр олоруоххунуй?..
Кэргэннэниэххин.
— Кэргэннэниэхпин баҕарбытым иһин, хантан булуохпу-
нуй? — Сэмэн, бу күннэргэ саныыр буолбут санаатын таба
эттэрэн, мичийдэ.
Таня оҕотун сүүһүттэн уураан ылла уонна саҥата суох ааны
сапта. Сэмэн сабыллыбыт ааны көрөн олорбохтоото. «Билбэт
сирбэр кэллэ-кэлээт, хантан кэргэннэнэ охсобунуй?.. Бэйи
эрэ, Шураҕа сурук суруйуохха дуу?» — диэн саныы-саныы,
саппыкытын анньынна. Туран, хоһун иһин биир гына, төттө рү-
таары хаамыталаата. Киэһээ аһылыкка ыҥыран, Макуца түннүк
тааһын тоҥсуйан тытыгыратта.
Сэмэн, аһаан киирээт, Шураҕа сурук суруйаары суумкатыт-
тан кумааҕы ылла. Кини ис сүрэҕин иэйиитин кыыска суруйар
санаалаах да, суругун туох диэн саҕалыан булбакка олордо.
Хаста да саҕалыы-саҕалыы, сөбүлээбэккэ хайыта тыыталаата.
Кэлин тиһэҕэр дьэ: «Үтүө күнүнэн, Шура!» — диэн суруйда.
Онтон салҕаан: «Баҕар, үнүрүүн суруйбут сурукпуттан эн өһүр-
гэммитиҥ буолуо, бырастыы гын! Бука диэн миэхэ өһүргэм-
мэккэр көрдөһөбүн. Манна, мин олорор сирбэр, кинигэ лаап-
пыта суох. Ас-таҥас лааппытыгар ханнык эрэ учебниктары,
брошюралары уонна плакаттары эрэ көрөбүн. Ааҕар кинигэтэ,
кэпсэтэн аралдьыйар киһитэ суох олус чуҥкук, куһаҕан… Саа-
тар, ааҕар үчүгэй кинигэлээҕим буоллар, ааҕан, санаам арал-
дьыйыа этэ. Шура, онуоха эн эрэ көмөлөстөххүнэ көмөлөһөр
кыахтааххын. Ол иһин, эйигиттэн көрдөһөбүн, бука диэн өһүр-
гэнимэ. Эйигиттэн күн аайы сурук көһүтэбин!» — диэн суруйда.
Суруйбут суругун почтаҕа илдьэн туттара охсоору, түннүк
диэки көрдө: халлаан хараҥарбыт. «Почта сабылыннаҕа…
Сотору тоһуурга барарбыт буолуо… Сынньаммакка, уйгууран
хааллым», — диэн саныы-саныы, Сэмэн оронугар тиэрэ түстэ,
хоһун уотун умулуннарда. Им-балай хараҥа буолла. Таалан
сытта. Бабинцевтаах дьиэлэригэр киирэр-тахсар атахтарын
тыаһа, кэпсэтэр саҥаларын дорҕооно иһиллэр. «Шураны мин
таптыыбын дуо?» диэн санаа өйүгэр көтөн түстэ. Суох, кини
биирдэ-иккитэ эрэ элэс көрбүт кыыһын, хаһан үчүгэйдик бил-
сиһэн, таптыа баарай!.. Сөбүлүү эрэ көрбүт курдук саныыра.
Нухарыйан эрдэҕинэ, аанын тоҥсуйдулар. Сэмэн маҥнай утаа,
уутугар аҥаарыйан, ханна баарын өйдөөбөккө, силимнэспит
126