Page 121 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 121
Шура хардарбата. Дьиэтигэр баран истэҕинэ, гостиницаҕа
бүгүн элэс көрбүт киһитин мөссүөнэ кини хараҕыттан арахпа-
та. «Кыһыл командир. Кэргэнэ суох эбит… Омуга саха… Саха-
лар ити ханна олорор омуктар буолуохтарай?.. Бэйи, сарсын
дьуһуурунайдыырбар, кини биһиги гостиницабытыттан бар-
батах эрэ буоллар, кэпсэтэн, ыйыталаһан да тэйиэм буол-
лаҕа», — дии санаата.
Шура бу киэһэ Киселёву солбуйар. Дьуһуурустубатын тута-
рыгар гостиницаҕа төһө киһи олорорун, хас орон, нүөмэр ил-
лэҥин туоһуласта. Гостиницаҕа олорооччулар испииһэктэрин
ылан көрдө. Үөрүөн иһин, Владимиров бара илик эбит.
Дьуһуурустубатын тутан баран Шура, «хоһуттан тахсан миэ-
хэ чугаһыыра буоллар кэпсэтиэ этим!» диэн, Владимировы
көһүтэр. Киэһэ Сэмэн куоракка бара сырытта да, күлүүһүн
тылын хаалларбата. Туох эмэ сылтах булан, кыыс киһи хоһугар
киирэ сылдьаары гынан баран, толлон хаалла. Сарсыарда Сэ-
мэн кылгастык куоракка тахса сырытта да, эмиэ киниэхэ таа-
рыйан тохтообото. «Куоракка барарыгар хайаан да күлүүһүн
тылын туттарыахтаах, оччоҕо мин кинини кытта кэпсэтиэм!»
диэн Шура көһүттэ. Күн ортото буолара чугаһаата, Сэмэн куо-
ракка барбата, хоһуттан да тахсыбата. Көһүтэ сатаан баран,
Шура, хоһу хомуйарынан сылтахтанан, уол хоһун аанын тоҥ-
суйда.
— Киир! — диэн, Сэмэн Владимиров саҥата иһилиннэ.
Шура сүрэҕэ, тоҕо эрэ, күүскэ мөхсөн ылла, сирэйэ итийбэх-
тээтэ. Ааны аһан, хоһу өҥөс гынна. Уол остуол аттыгар тугу
эрэ ааҕар быһыылаах.
— Хоскун хомуйуохха син дуо?.. Хойут киирэн хомуйабын
дуу?
— Куттаныма, киир-киир! — диэтэ Сэмэн, үөрбүт курдук.
Шура киирдэ. Уол табахсыта суох быһыылаах: табах буруо-
та да унаарыйбатах, бөппүрүөскэ тобоҕо да көстүбэт. Сэмэн
хоһун иһин кэриччи көрөн баран, мичээрдээтэ.
— Хоһум иһэ ырааска дылы дии.
* * *
Бу киэһэ Сэмэн Владимиров гостиницаҕа пограничнай чаас
командирын форматын кэтэн кэллэ. Шура, кини форматын
уларыппытын бэркэ дьиктиргии, үөрэ көрүстэ.
— О, табаарыс Владимиров, пограничниктар формаларын
кэппиккин дуу?.. Эйиэхэ бу форма олус да барар эбит!.. Урут
тоҕо атын форманы кэтэ сылдьыбыккыный?
121