Page 118 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 118
ааһыар диэри аахта. Тугу аахпытын өйүгэр да туппат буола
сылайда. «О, тымныы душка сууммут киһи!» — дии санаата.
Бэҕэһээ киниэхэ нүөмэр биэрбит дьуһуурунай дьахтары
кытта эдэр кыыс олорор. Кини Сэмэни тиэрбэс курдук тө-
гүрүк хараҕынан одууласта. «Ити тоҕо миигин одуулаһарый?..
Манна үлэлиирэ буолуо дуо?» — диэн саныы-саныы, Сэмэн бу
кыыс диэки көрбөхтөөтө. Суптугур сэҥийэлээх, лэппэччи кы-
рыллыбыт кылгас баттахтаах, чараас сиитэс былаачыйалаах,
кини бараллаата саастаах курдук көрүҥнээх. Сэмэн тугу да
саҥарбата. Тугу эрэ кэпсэтэ олорон, кинини көрөөт, эмискэ
ах барбыттарыттан Сэмэн: «Быһыыта, мин туспунан кэпсэтэ
олордохторуна кэллим быһыылаах», — дии санаата.
— Гостиницаҕа душ баар дуо?
— Душ?.. Суох! — диэтэ бэҕэһээ кинини гостиницаҕа олох-
тообут дьахтар.
— Куоракка мантан ураты гостиница баар дуу?
— Суох ээ, — диэтэ Сэмэн саҥа көрөр кыыһа. — Революция
иннинэ, бу куоракка, икки гостиница эрэ баара… Бу гостиница
уонна «Паль-рояль».
Сэмэн куорат былыргытын-аныгытын бэрт үчүгэйдик билэр
кыыһы сэргии көрдө.
— Чааһынай дьон бас билэр гостиницалара этэ дуо?
— Бу гостиницаны революция саҕана Роза Боярская диэн
дьахтар бас билэрэ.
— Шура, хайдах?.. Оттон бу гостиницаны аҕыйах сыллааҕы-
та диэри Шлемка-одеальщик бас билэрэ буолбат дуо?
— Суох, Тася, революция иннинэ Роза Боярская бас билэ-
рэ. Биһиги Киселёвпут ол дьахтарга «иирэн», түөрт оҕотун уон-
на кэргэнин быраҕан манна кэлбитэ. Мин, ол кэмҥэ төһө да
кыра буолларбын, Киселёвтар биһиги чугас ыалбыт буолан-
нар, бэркэ билэрим. Киселёв кэргэнэ айдаан бөҕөнү тардыбы-
та да, эр киһи ону истибэтэҕэ, киниэхэ төннүбэтэҕэ. Бадаҕа,
1920 сыллааҕы кыһын, манан Бессарабияҕа Деникин сэриитэ
куотар кэмигэр, ким эрэ Киселёв урукку кэргэнигэр өй укпут:
«Кэргэҥҥин былдьаабыт дьахтары өлөр!» диэн. Дьахтар хан-
тан эрэ бэстилиэт булбут уонна Роза Боярская биир бээтин-
сэ киэһэ, баанньыкка сууна баран иһэрин тоһуйан, кэнниттэн
кэлэн, кэтэххэ ытан өлөрбүт. Деникин саллааттара дьахтары
хаайбыттар. Аҕыйах хоноот, Деникин сэриитэ Бессарабияҕа
куоппута, манна кыһыллар кэлбиттэрэ, дьахтары хаайыыттан
таһаарбыттара. Кини бу гостиницаҕа, оҕолорун илдьэ, эригэр
кэлбитэ… Ол курдук, Киселёв бу гостиницаны бас билэр ха-
118