Page 119 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 119
һаайын буолбута… Манна, республика правительствота, икки
сыллааҕыта Балтаттан көһөн кэлбитигэр, Киселёв бу гостини-
цаны горкомхозка туттарбыта.
— Да-а, нолуогуттан чаҕыйдаҕа дии? — диэтэ дьуһуурунай
дьахтар.
— Ким билэр, туохтан куттаммыта буолла… Ол эрээри, Ки-
селёв, өйдөөҕүн өйдөөх, гостиницатын туттарбыт «манньаты-
гар» манна үлэһит буолбута… Ити билигин биһигини кытта
үлэлии сылдьар, — диэтэ кыыс.
— Баһыыба! — диэн, Сэмэн кыыска махтанна уонна хоһугар
төнүннэ. Уол хоһугар киирэн аанын сабарын кытта, дьуһууру-
най дьахтар сибигинэйдэ:
— Шурочка, мин эппэтэҕим дуо, нууччалыы үчүгэйдик би-
лэр диэн?
— Омуга, чахчы, казах буолуо дуо?
— Анкетатын көрбөтөҕүм. Тас көрүҥүттэн казах диибин,
баҕар, анкетатын да ылан көрүөх! — дьуһуурунай дьахтар,
ыскааптан гостиницаҕа түһэр дьон толорор анкеталарын ылан,
остуолга аҕалла.
— Тася, анкетатыгар омугун суруйбута буолуо… Араспаан-
ньата?
— Владимиров.
— Владимиров… Владимиров… Буллум!.. Анкетата бу баар!
«Владимиров Семён Фёдорович»… Хайа, Тася, ааттыын, арас-
паанньалыын нууччалыы эбит буолбат дуо? — дии-дии Шура
анкетаны көрдө.
Шура (Брунёва Александра Алексеевна) — эрдэ огдообо-
туйбут, тиийиммэт-түгэммэт олохтоох эмээхсин ылгын кыыһа.
Шура эдьиийэ Клава киниттэн икки сыл аҕа. Клава, уон аҕы-
һын туолаат, аһыыр-таҥнар кыһалҕатыттан оспуоччук аҕалаах
уолга эргэ тахсыбыта. Сотору уолламмыттара. Клава, оҕотун
көрдөрөөрү, ийэтин уонна балтын дьиэтигэр ылбыта. Күтүөт-
тэрэ ийэ кылынын уонна Шураны абааһы көрүтэлиирэ. Куһаҕан
майгылааҕа. Шура революция иннинэ түөрт кылааһы бүтэрби-
тэ уонна, аймалҕан буолан, үөрэҕин бырахпыта. Маҥнай утаа
Шура ыалларга холуодьастан уу таһар үлэни булбута. Онтон
биир сыл оҕо көрөөччүнэн сылдьыбыта. Кэлин, Советскай бы-
лаас олохтоммутун кэннэ, НЭП кэмигэр куоракка «Үлэ биржа-
та» тэриллибитигэр кини «үлэ көрдөһөөччүлэр» испииһэктэри-
гэр суруйтарбыта. Кыра саастаах дьадаҥы кыыһы атаҕастаан-
нар, ким да сөбүлэһэн барбат үлэлэригэр ыыталлара. Кы һыҥ-
ҥы тымныыга, таҥаһа суох сыгынньах кэриэтэ кыыһы, тимир
119