Page 117 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 117
хоһу аста. Истиэнэни кыйа — тимир кырабаат, түннүк ан-
нынан — кыракый остуол, биир устуул, аан аттыгар — таҥас
ыйыыр көхө.
— Эһиэхэ анаан бэлэмнээбит нүөмэрбит бу баар!.. Чымы-
дааҥҥын итиннэ уур… Баран анкетата толор… Манна хас хо-
нуоххунуй?
— Үс хонорум буолуо… Баҕар, уһуом даҕаны.
Дьуһуурунай остуолугар кэлэн, Сэмэн «Анкетаны» толор-
до уонна үс хонукка олороругар харчытын төлөөтө. Нүөмэри-
гэр киирэн, «Пограничнай сулууспа устаабын» ааҕан, үөрэтэн
барда.
Кырдьык, бу устаап ханнык да атын байыаннай устааптарга
маарыннаабат, туспа ис хоһоонноох. Сэмэн, өр аахта, сылай-
да. Чаҕылыччы тыган турбут күн киирдэ, сотору халлаан ха-
раҥарда. Ааҕа олорбут кинигэтин Сэмэн сыттыгын анныгар
укта, сыгынньахтанан сытта. Уута кэлбэтэ. Утуйбакка сытар
киһи өйүгэр бэрт үгүс санаа-оноо киирэр үгэстээх. Сэмэн өйү-
гэр үөрэммит байыаннай оскуолата, бииргэ үөрэммит доҕот-
торо, онтон Москваҕа кэлэн тугу көрбүтэ, Харьков куоракка
кэлэн Украина тылын билбэтиттэн мунан, парикмахерскайы
«булочнай» буоллаҕа диэн киирэ сылдьыбыта — барыта, илим
хотоҕоһун курдук, бииртэн биир киирэн ааһан истилэр. Тиһэҕэр
тиийэн, кини: «Быһыыта, сахалартан мин аан бастаан кыра-
ныысса манабылыгар үлэлиир киһи буоллум ээ!.. Дьэ дьикти,
аныгы үйэҕэ киһи онно-манна тиийэр эбээт! Кыраныысса…
Чэ, бэйи, кыраныыссаҕа даҕаны муостаахтар-туйахтаахтар
сулууспалыыллар үһүө!.. Мин да үөрэнээ, сулууспалаа ини-
бин!» — диэн, бэйэтин уоскутунна. Сытар, уута кэлбэт. Сыта
сатаан баран, чаһытын ылан көрбүтэ, баара-суоҕа уон биир
чаас буолбут.
«Туран дьаарбайыахха дуу?» — дии санаата да таҥынна.
Гос тиницаттан тахсан, уулусса устун хаамта. Туора ааһар
уулусса аатын болҕойон көрбүтэ, «Соборная» диэн суруктаах.
Сүрдээх улахан таҥара дьиэтэ хараара барыаран турар. Ик-
кис туора ааһар уулусса «Колодезная» диэн ааттаах. Бу икки
уулуссаҕа эдэр уолаттар, кыргыттар, оннооҕор аҕамсыйа бар-
быт дьон дьиэ кэргэнинэн төттөрү-таары хааман дьаарбайа
сылдьаллар. Сэмэн ол дьону кытта аалыҥнаһан биир чаас кур-
дук хаам та уонна гостиницатыгар төннөн кэллэ.
Сарсыарда уһуктаат, турбакка, оронугар сытан, «Погранич-
най сулууспа устаабын» аахта. Онтон суунан-тараанан, осто-
лобуойга аһаан киирдэ. Хоһугар олорон, күн ортото быдан
117