Page 114 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 114
— Якутскайтан иһэбин.
— Биһиги дэриэбинэбитигэр наадалаах буолан кэллиҥ дуу?
— Суох, ааһан иһэбин.
— Манна тохтуу түһэн ааспаккын дуо?
— Суох, борохуотунан ааһан иһэбин…
— Оннук тиэтэйэр буоллаххына, — дии-дии, Усов кэргэнэ
туран таһырдьа таҕыста, тимир күрдьэҕи ылан биэрдэ. — Ма-
ны ийэҥ уҥуоҕун аттыгар хааллараар. Иван үлэтин кэнниттэн
да көннөрүө этэ… Эппит эрэ киһи…
Сэмэн тимир күрдьэҕи ылаат, ийэтин уҥуоҕар төнүннэ.
Остоолбону көннөрдө. Уҥуох тула күөх кырыһы хастаан аҕалан
тэлгэттэ. Ол сырыттаҕына, тириппит-хоруппут көрүҥнээх Иван
Усов аҕылаан-мэҥилээн кэллэ. Биллэ кырдьыбыт, сонообут.
— Семён Фёдорович, Совекка киирэн, миэхэ таарыйыа
этиҥ буоллаҕа дии, — Усов Сэмэнтэн күрдьэҕи ылан, кырыс
хастаан мөтөкөчүйдэ, — Дьиэбэр кэлбиппэр кэргэним кэпсээ-
тэ. Чэйдии олоруом дуо, манна тэбинним.
— Көр, табаарыс председатель, сулуһу хайдах кэбилээбит-
тэрин. Ким ытыалаабытын билэрим эбитэ буоллар, кэһэтэн
биэриэ этим, — Сэмэн хомурута барбыт ылтаһын сулуһу ыйда.
— Шараповтартан, Шалаевтартан ыппыттара буолуо диэҕи,
ким да кинилэртэн манна суох. Петухов үрээнньик өлбүтэ.
Арай Юшмин баар да, кырдьан аны сааламмат… Ити биһиги
эдэр бөтөстөрбүт дьаабылара ини. Өлбүт да дьону кэриэс-
тээбэттэр. Арай улааттахтарына, өйдөннөхтөрүнэ — хайыыл-
лара эбитэ буолла.
Борохуот аттанаары чускуйда.
— Быраһаай, Иван Перфильевич, мин бардым, — диэтэ Сэ-
мэн уонна Усовка илиитин уунна.
— Бэйи эрэ, ханна баран иһэҕиний?
— Илин. Байыаннай оскуолаҕа үөрэнэ баран иһэбин.
— Да, ыраата баран иһэр эбиккин… Чэ, быраһаай! Ийэҥ
уҥуоҕун туһунан аны санааҕын хамсатыма. Мин төбөм уҥуоҕа
бүтүнүн тухары алдьаттарыам суоҕа!.. Мария Семёновна ба-
рахсан биһигини бандьыыттар өлөрөллөрүттэн быыһаталаабы-
та, — Усов Сэмэн илиитин ыыппакка тутан турда.
Аҕа
Командирдар оскуола киэһээҥҥи «отбой» сигналын иннинэ
үс сыл олорбут, үөрэммит казармаларыгар төнүннүлэр. Кини-
лэр билигин уруккуларын курдук оскуола эппиэттиир дьуһуу-
рунайыгар кэлбиттэрин дакылааттаабаттар. Онон дьуһуурунай
114