Page 113 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 113

Борохуот  Маача  сэлиэнньэтин  бириистэнигэр  тиксэрин
         кытта Сэмэн старшинаттан көрдөстө:
            — Табаарыс старшина, баарсаттан түһэрбин көҥүллээ!
            — Манна өр буолбат үһүбүт, аны хаалан хаалыаҥ.
            — Табаарыс старшина, өр буолуом суоҕа.
            — Манна түһэр оннук туох наадалааххыный?.. Таптыыр кыы-
         һыҥ манна олорор дуо?
            — Суох… Атын наадалаахпын.
            — Чаас иһинэн эргиллэр буоллаххына, көҥүллүөм.
            — Эргиллиэм!
            Сэмэн трап устун сүүрэн түстэ, ийэтин уҥуоҕар быһа таҕыс-
         та.  Аҕатыныын  туппут  пааматынньыктара  хайыы  сахха  айгы-
         раа быт:  эркиннэрин  мастара  хайыта  хаппыттар,  үрүт  хапта-
         һыннарын күн уота харааччы сиэбит.
            «Манна Мария Владимирова көмүллэн сытар.
            Кинини 1922 сыллаахха кыһын бандьыыттар өлөрбүттэрэ.
            Эн сырдык кэриэһиҥ хаһан да умнуллуо суоҕа.
            Кэргэнэ уонна уола ВЛАДИМИРОВТАР».
            Ити  суруга  көстөр-көстүбэт  буолбут.  Ылтаһын  сулустаах
         остоолбото иҥнэри түспүт. Ким эрэ сулуһу сыал ыта оонньоо-
         бут — ылтаһына хомуруттубут, кырааската хоҥнуталаабыт.
            Сэмэн  ийэтин  уҥуоҕар  төбөтүн  санньытан  турда.  Иҥнэри
         түспүт суруктаах остоолбону бу курдук хаалларара табыллыа
         суох. Оттон лаппаакыта суох хайдах көннөрүөй? Тиэтэйэ-саа-
         райа  Маача  дэриэбинэтигэр  тэбиннэ.  Быһа  Иван  Усов  дьиэ-
         тигэр кэлэн киирдэ.
            Иван Усов дьиэтигэр суох эбит. Кэргэнэ лааппытыттан кэ-
         лэн чэйдии олорор. Сэмэн дьиэҕэ киирээт:
            — Иван  Перфильевич  ханнаный?  —  диэн,  дорооболоһорун
         оннугар  ыйытта.  Дьиэлээх  дьахтар,  «хайалара  киирэн  туоһу-
         ласта?» диэбиттии, Сэмэни одууласпахтаата. Онтон кимин-ту-
         гун билэн:
            — Дорообо!.. Семён Фёдорович кэлбит эбиккин дуу? Иван
         Совекка баара буолуо… Кэл, олор, чэйдэ ис!
            — Миэхэ тимир күрдьэх наада… Чэйдиир бокуойум суох, —
         диэн, туохха наадыйан бу курдук ыксаан киирбитин эттэ.
            — Тоҕо  ол  тимир  күрдьэххэ  наадыйдыҥ?  —  Усов  кэргэнэ
         дьиктиргээн ыйытта.
            — Ийэм уҥуоҕар туруорбут остоолбобут иҥнэри түһэн хаал-
         быт… Ону көннөрүө этим.
            — О, бу барахсаны… Бу хантан кэллиҥ?

                                                                      113
   108   109   110   111   112   113   114   115   116   117   118