Page 116 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 116
буолан баран истибитэ, кини аҕатын 1912 сыллаахха, Лена
көмүсчүттэрин забастовкаларыгар, «Лена-Гольдфильдс» кор-
порация тойотторо рабочайдары ыттаран баран, хаайбыттар.
Онтон, революция буолуон аҕай иннинэ, Лена бириискэлэ-
риттэн Маачаҕа хонон ааһар дьон, кэпсииллэрэ: «Бодойбо
көмүстээх тайҕатыгар «Аҥаар харах» ороспуой сылдьар, кини
бириискэлэр хонтуораларыгар киирэн, көмүһү былдьаан тах-
сар үһү!» Сэмэнчик ону истэн, биирдэ ийэтигэр эппитэ: «Ийээ,
ол киһи мин аҕам сылдьара буолаарай?» Ийэтэ эрэйдээх саба
сапсыйбыта: «Ии, тоойуом, эн аҕаҥ икки харахтааҕа эбээт.
Ол ороспуойу «Аҥаар харах» диэн ааттыыллар буолбат дуо?..
Эн аҕаҥ сордоох орос пуойдаабат киһи… Кини олус көрсүө,
сымнаҕас киһи этэ», — диэхтиирэ. Ол эрээри, Сэмэнчик, оҕо-
лор аҕатын ыйыттахтарына, этэрэ: «Мин аҕам Бодойбоҕо сыл-
дьар… «Аҥаар харах ороспуой» диир киһилэрэ — мин аҕам!» —
диирэ.
Аҕам эрэ тыыннааҕа, баара буолуо дии санаабакка сыл -
дьан, 1922 сыл сааһыары, Якутскай куорат аттыгар, Киллэм
дэриэбинэтигэр, Коробейников корнет баандатын штабын
ылалларыгар, Сэмэнчик аҕатын көрсүбүтэ. Ол курдук уол-
луу-аҕалыы дьэ булсуспуттара…
«Аҕам… Аҕам!» — Сэмэн хараҕын уутун сотунна.
Вера Брунёва
Тирасполь куорат улахан дьиэлэрэ иккилии мэндиэмэн-
нээхтэр, онтон атыттар барылара мэндиэмэнэ суохтар, чере-
пица хоруобуйалаахтар, буор сыбахтаахтар.
Пограничник уулусса муннугунан киирэр ааннаах, үрдүк ти-
мир эрэһээҥки кирилиэстээх дьиэ аттыгар аттарын тохтотто.
— Табаарыс командир, куорат коммунальнай гостиницата
бу баар, — диэтэ уонна, Сэмэн чымыдаанын тутан, кирилиэ-
һинэн өрө сүүрэн таҕыста. Киирэр аан аттыгар гостиница
дьуһуурунайын остуола турар. Остуол аттыгар маҥан сирэй-
дээх хатыҥыр дьахтар кинилэри көрүстэ.
— Пограничнай этэрээттэн манна биир киһи түһэр нүөмэ-
рин сакаастаабыттара, — диэтэ Сэмэн.
— Да-да, сакаастаабыттара… Нүөмэр бэлэмнэнэн турар.
— Ол нүөмэргэ мин кэллим.
Дьуһуурунай дьахтар остуолун дьааһыгыттан күлүүс тылын
ылла.
— Баһаалыста, барыах… Нүөмэргин көрдөрүүм.
Дьахтар ииччэҕэй-бааччаҕай курдук түннүктээх кыараҕас
116