Page 122 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 122
— Урут байыаннай оскуолаҕа үөрэммитим, оттон билигин
үлэҕэ ананным.
— Ханна?
— Обручуга… Төһө ырааҕа буолла?
— Обручуну мин билэбин… Онно мин фрукта хомуйуутугар
үлэлээбитим. Улахан сэлиэнньэ… Мантан соччо ырааҕа суох,
олохтоох дьоно бары — молдаваннар.
Сэмэн хоһугар киирдэ. Урут «Устаабы» ааҕан үөрэтэр буо-
лан, соччо чуҥкуйбатаҕа, оттон билигин сыта сатаата да, чаһы
стрелкатын хаамыыта бытаарбыт курдук. Санаатыгар, олорор
хоһо олус итии. Түннүгүн аста да, таһырдьаттан син биир итии
салгын киирэр. Аһаҕас түннүк аттыгар тура сатаата, эмиэ
тэһийбэтэ. Хоһун иһигэр төттөрү-таары хаамыталаан көрдө.
Күн киэһэрдэ. Таһырдьа, уулусса остоолболоругар элек-
трическэй лаампалар умайдылар. Сэмэн аһаҕас түннүк атты-
гар туран, лаампа уотун сырдыгар үрүмэччилэр, үөннэр тула
көтөллөрүн одууласта. Ким эрэ хос аанын тоҥсуйда. Уол эр-
гиллэ түстэ.
— Киир!
Ааҥҥа Шура көһүннэ. Кини, хос иһэ хараҥатыттан чаҕый-
быт курдук, киирбэккэ, ааны аһан турда.
— Тоҕо уота суох олороҕунуй?.. Лаампаҥ алдьанна дуо? —
дии-дии, хос лаампатын уматта. — Табаарыс Владимиров,
мин дьуһуурустубабын туттардым, эйигин кытта бырастыылаһа
киир дим.
— Аны хаһан дьуһуурунайдыыгыный?
— Сарсын киэһээҥҥэ диэри Тася дьуһуурунайдыыр, өйүүн
киэһээҥҥэ диэри — Киселёв, мин кинини солбуйабын… Эн
хаһан бараҕыный?
— Сарсын дуу, өйүүн дуу барарым буолуо, чуолкайа бил-
либэт.
— Чуҥкуйума! — Шура хос аанын сапта.
Сэмэн эмиэ үрүмэччилэр, үөннэр лаампа тула көтөллөрүн
көрөн турда. Саха сиригэр түһэр күһүҥҥү сарбынньахтаах хаа-
ры санаталлар. «Көтөр кынаттаах буолан баран, дойдубун, Са-
хам сирин, көрө охсон кэллэрбин!» — дии санаан, үөһэ тыын-
на. Сэмэн командирдарга сыл аайы сынньалаҥ бэриллэрин
билэр. Ол сынньалаҥын кэмигэр кини хайдах да Саха сиригэр
баран кэлэр кыаҕа суох. Кини били 1927 сыллааҕы сайын,
Приморскай куоракка үөрэнэ барарыгар, Лена өрүс устун ый-
тан ордук кэм устата айаннаабыта чаҕытар. «Суох, мин дойдум
санаабычча киһи баран кэлбэт ыраах сирэ!» Хоһун уотун уму-
122